Ил Түмэҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы кыһалҕаларын уонна соруктарын дьүүллэстилэр
Судаарыстыбаннай мунньах бэрэстэбиитэллэрин таһынан дьүүллэһиигэ министиэристибэлэрэ уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, муниципалитеттар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара кытыннылар.
Сүбэ мунньахха байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы кыһалҕаларын уонна соруктарын дьүүллэстилэр.
Норуот дьокутаата Александр Подголов ыарахан бааһырыыны ылбыт байыастарга ураты болҕомто, сыһыан эрэйиллэрин бэлиэтээтэ. Ону таһынан үлэнэн хааччыйыы, дьарыктаах буолуу боппуруоһа улахан суолталааҕын эттэ. Көрсүһүү кэмигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта олохторун-дьаһахтарын тэрийиигэ сыһыаннаах боппуруостар элбэхтик иһиллинилэр.
Мунньах түмүгүнэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыыга үлэ салҕанарын эттилэр. Ол курдук, психологическай өттүнэн өйөөһүҥҥэ аадырыстаах үлэни күүһүрдүөхтэрэ уонна дьиэ кэргэттэригэр саҥа көрүҥнэри киллэриэхтэрэ. Маны сэргэ «Российскай Федерацияҕа нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн үлэлиэхтэрэ, бииргэ үлэлээһиҥҥэ туһуламмыт биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы сыһыаны күүһүрдүөхтэрэ, олохтоох нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр үлэ вакансияларын таһаарыахтара, үлэлиир бырааптарын көмүскүөхтэрэ,үлэ биэрээччи тэрилтэлэри наймылааһыны көҕүлээһинин бырагырааматыгар кытыннарыахтара, о.д.а.
«Биһиги ыытыллыбыт үлэ түмүгүн таһаарыахтаахпыт уонна эһиилги сылга үлэбитин өссө күүскэ тэтимнээхтик ыытыахтаахпыт. Судаарыстыбаннай былаас уорганнарын, уопсастыбаннай түмсүүлэр, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэрэ» пуонда икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһини өссө күүһүрдүөхтээхпит», — диир Александр Подголов. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: