Ил Түмэҥҥэ балыктааһын уонна уу биологическай баайын харыстааһын боппуруоһа дьүүллэһиллиэ
Сарсын, кулун тутар 27 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ парламент истиилэригэр балыктааһын уонна уу биологическай ресурсаларын харыстааһын боппуруоһун дьүүллэһиэхтэрэ.
Дьүүллэһии тиэмэтэ: «Балыктааһын, балык хаһаайыстыбатын уонна уу биологическай ресурсаларын харыстааһын кыһалҕаларын туһунан». Тэрээһини көҕүлээн ыытааччыта – Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтэ.
Парламентскай истиилэргэ Балыктааһыҥҥа федеральнай ааҕыныстыба Илин Сибиирдээҕи территориальнай салаатын салайааччыта Н.Д. Кучеров, СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Э.В. Пихтин, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Н.П. Николаев уонна Балык хаһаайыстыбатын уонна океанография бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр институтун Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Л.Н. Карпова дакылааттарын истиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: