Ил Түмэҥҥэ муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын мунньаҕа буолла
Ахсынньы 20 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын мунньаҕа буолла. Тэрээһини СӨ Ил Түмэнин олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев салайда. Бу күн бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэригэр ыйытыыларыгар хоруйдары ылалларыгар, тустаах хайысхаларынан этии киллэрэллэригэр кыах бэрилиннэ.
Сүбэ мунньахха норуот дьокутааттара, СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр үлэһиттэрэ кыттыылаах Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 2025 уонна 2027 сылга диэри кэмҥэ сүрүн сыыппаралара, НДФЛ нормативтара, нэһилиэнньэ электроэнергиятыгар 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн диапазоннарынан уларыйыахтаах тарыыптара, олохтоох салайыныы федеральнай сокуонугар киирэр уларыйыылар, муниципальнай тэриллиилэринэн бүддьүөт ылыныытын ньыматын саҥардыытыгар тутаах боппуруостара дьүүллэһилиннилэр.
Муниципалитеттарынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэтттэрин өйөбүллэрин туһунан СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин үлэтин туһунан Ньурба улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова кэпсээтэ. Маны сэргэ мунньах чэрчитинэн Дьааҥы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Екатерина Ноговицына А.Н. Чилингаров аатынан «Арктика: билиҥҥитэ уонна кэскилэ» норуоттар икки ардыларынааҕы XIV пуорумҥа кыттыыларын түмүгүн туһунан иһитиннэрдэ.
2025 уонна 2027 сылга диэри судаарыстыбаннай бүддьүөт боппуруоһугар Ленскай оройуонун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Шардаков муниципальнай уорганнарынан бэриллибит боломуочуйаларынан кэлэр сылга субвенция кэмээйин, ону кытта 2024 сылга субвенция кээмэйэ 41%-нан сарбыллыбытын туһунан ыйытта. Ити курдук Ленскай оройуонун бүддьүөтүн хааччыллыыта атын муниципалитеттары кытта тэҥнээтэххэ 30% аҕыйаабытын ыйда, онтон атын нэһилэктэринэн 40% тиийэ түспүтэ этилиннэ. Манна даҕатан, 2025 сылга сыана, хамнас алын кээмэйэ, ОДьКХ тарыыптара үрдээһинин учуоттаан бэриллибит боломуочуйалары толорууга үп-харчы тиийбэтин туһунан ыйыталаста. Үп миниистирэ Иван Алексеев этэринэн, муниципальнай уорганнарынан субвенцияны тиэрдии кээмэйэ 2025 сылга 6,5 млрд солк. үрдэтиллибит, дотация кээмэйэ урукку кээмэйинэн хаалбыт, оттон атын боломуочуйалары толорууга 2025 сылга 75 млрд. солк. оннунан хаалбыт. 2024 сылга дотация кээмэйэ 69,9 млрд. солк. тэҥнэспит. Итини таһынан атын трансфертары учуоттуур буоллахха 3,1 млрд солк. көрүллүбүт.
Алдан оройуонун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Плоцкай эдэр дьиэ кэргэттэри, эдэр исписэлиистэри, эдэр быраастары дьиэнэн хааччыйыы эбии боломуочуйа бэриллибитин үрдүнэн, бу сыалга бырагырааманан үп-харчы көрүллэбэтэҕин ыйытта. Үп миниистирэ Иван Алексеев бу боломуочуйа муниципалеттар тутаах хайысхатынан буоларын эттэ. Бу боппуруоһунан Алдан оройуонун баһылыгын кытта кэпсэтии барбытын эттэ. Ону кытта бу сыалга “Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматыгар уларытыылары киллэрэн эдэр исиписэлиистэри, дьиэ кэргэттэри, о.д.а. категорияларынан дьиэнэн хааччыйыыга тус сыаллаах субсидия көрүллэрин быһаардылар.
Санаттахха, парламент спикерэ Алексей Еремеев этэринэн, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын мунньаҕа Саха сирин олоҕун таарыйар сүрүн боппуруостарын ырытыы былаһааккатынан буолар. Билигин хаһааҥҥытааҕар да өрөспүүбүлүкэ иннигэр турар социальнай-экэнэмиичэскэй соруктары быһаарыыга муниципальнай уорганнары кытта ыкса бииргэ түмсэн үлэлиир наадалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: