Ил Түмэҥҥэ пленарнай мунньахха бастакы күн 18 боппуруоһу көрдүлэр

Share

Бүгүн, муус устар 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ алтыс (уочараттаах) пленарнай мунньаҕын бастакы күнэ түмүктэннэ.

Бэбиэскэҕэ киирбит 45 боппуруостан, норуот дьокутааттара 18 боппуруоһу дьүүллэстилэр. Ол иһигэр мунньахха   дьокутааттар СӨ Судьуйаларын квалификационнай кэллиэгийэтин уопсастыбаннаска бэрэстэбиитэлин аныыр, СӨ Уопсастыбаннай балаата бэрэстэбиитэллэрин талыы, СӨ Счетнай балаата аудиторын солотуттан Александр Седалищевы болдьоҕун иннинэ тохтотор, түһээн сокуонугар уларытыылары киллэрии, СӨ Конституционнай суутун дакылаатын, СӨ Киһи быраабыгар боломуочуйалааҕа, Счетнай балаата уонна Юстиция министиэристибэтин 2023 сыллааҕы отчуоттарын, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҥа судаарыстыбаннай наҕараадалары олохтооһун, босхо юридическай көмөнү оҥоруу, табаҕы утары туһунан сокуон барылларын көрдүлэр.

Сарсын, муус устар 24 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ алтыс (уочараттаах) пленарнай  мунньаҕа сарсыарда 9:00 чаастан салҕаныаҕа. Мунньахха нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһын, тулаайах оҕолорго социальнай өйөбүллэри оҥоруу боломуочуйатын муниципальнай улуустарынан сүктэрии, өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын, кыыллары көрүү-харайыы, сирдэри нүөлсүтүү сокуоннарыгар уларытыылары киллэрии боппуруостары, о.д.а. көрүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

60 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago