Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Share

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ «Саха киинэтин сайдыыта» диэн «төгүрүк остуол» буолла. Манна саха киинэтин ситиһиилэрин, кыһалҕаларын, сайдар суолларын, судаарыстыбаннай өйөбүл туһунан кэпсэттилэр.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

— Киинэ маассабай ускуустуба буоларынан, дьоҥҥо дьайарын күүһүнэн, билиҥҥи кэмҥэ суолтата улаатта. Аныгы технологиялар, оҥоһуу өй бэрт тэтимнээхтик сайда туралларынан, бэл, киинэ ускуустубатыгар дьайыахтарын сөп. Онон аныгы кэмҥэ сайдар суолбутун, хайа диэки барарбытын уһаппакка, торумнуохтаахпыт. Саха киинэтэ саҥа таһымҥа тахсар кэмэ кэллэ, — диэн режиссер, «Сахафильм» уус-уран салайааччыта Алексей Романов эттэ.

«Сахафильм» дириэктэрэ Алексей Егоров бу эйгэҕэ билиҥҥи балаһыанньаны сырдатта. Билигин саха киинэтин 80%-на «Сахафильм» тиэхиникэтинэн уһуллар. Ол эрээри, аныгы сыыппара тиэхиникэтэ түргэн баҕайытык эргэрэр, ону сыллата саҥардан иһиэххэ наада.

— Ил Дархан 2030 сылга диэри креативнай индустрияны сайыннаран, саха киинэтэ атын  таһымҥа тахсарын ситиһэр соругу туруорбута. Онон бэстибээллэринэн эрэ сылдьыбакка, индустрия буолар, ол эбэтэр, киэҥ көрөөччүгэ тахсар соруктаахпыт. Бастаан Арассыыйаҕа, онтон аан дойдуга тахсыахтаахпыт. Маннык улахан сыал эбии үбү-харчыны эрэйэр. Бу уустук сорук, ол эрээри, стратегическай былаан ылыннахха, кыаллыан сөп, — диэн кини эттэ.

Маны тэҥэ, «МультиДиТек» тэрилтэ дириэктэрэ Таисия Тарабукина, режиссер, продюсер Петр Хики, «Экстра Синема» тэрилтэ дириэктэрэ Петр Чиряев, «Үлэ кыбаартала» кластер медиалабораториятын дириэктэрэ Дмитрий Кольцов, СӨ сайдыытын корпорациятын дириэктэрэ Афанасий Саввин тыл эттилэр. Дьокутааттар этиилэри ырыттылар, ыйытыылары биэрдилэр.

«Төгүрүк остуол» түмүгүнэн, резолюция ылылынна. Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago