Ил Дархан аатыттан туттарыллыбыт саха быһаҕа снаряд бытархайыттан быыһаабыт
Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан байыаска туттарыллыбыт саха быһаҕа Өймөкөөнтөн сылдьар байыаннай сулууспалаах олоҕун быыһаабыт. Бу туһунан брифинг кэмигэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр байыастар дьиэ кэргэттэрин эрэгийиэннээҕи кэмитиэтин салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева кэпсээтэ.
Өймөкөөн улууһуттан Арассыыйа Сэбилэниилээх күүһүн кэккэтигэр ыҥырыллыбыт «Сармат» позывнойдаах байыас муус устарга кылгас уоппуска ылбыт, Ил Дархан сорудаҕынан киниэхэ сулууспатын уонна дойдутугар бэриниитин иһин махтал бэлиэтигэр Дьокуускай пуордугар саха быһаҕын туттарбыттарын кэпсээтэ.
Уоппускатын кэнниттэн байыас Временскэй тумуска лииньийэлэр тиксиһэр сирдэригэр төннүбүт. Байыаннай сулууспалаах Ил Дархан аатыттан бэлэхтэппит быһаҕын биһирээн, өрүү куругар иилинэ сылдьар эбит. Күүстээхтик көмүскэнэр охсуһуулар саҕаламмыттар. «Сармат» табаарыстарын кытта улахан утарыта киирсиигэ кыттар.
“Түүҥҥү дьуһуурусутуба кэнниттэн сынньана сыттаҕына блиндажка киириигэ миномет миинэтэ эстибит. Атаҕын эчэппит, оттон биир бытархай кэлэн саха быһаҕар түһэн баран тэйэ көппүт. Онон байыас өттүгүн улаханнык бааһырдыаҕын саха быһаҕа быыһаабыт. Байыаннай быраастар бэлиэтииллэринэн, өскөтүн миинэ бытархайа быһахха түспэтэҕэ эбитэ буоллар, улахан тымырын таарыйыах эбит. Ил Дархан аатыттан бэлэх байыаннай сулууспалаах олоҕун быыһаабыт”, — диэн байыастары кытта көрсүһүүтүттэн Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр байыастар дьиэ кэргэттэрин эрэгийиэннээҕи кэмитиэтин салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева үллэстэр.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: