Ил Дархан Айсен Николаев Госдуума дьокутаата Владимир Бурматовы кытта көрүстэ
Алтынньы 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Госдуума дьокутаата Владимир Бурматовы кытта оробуочай көрсүһүүтэ буолан ааста.
Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн бэйдиэ сылдьар кыылларга сыһыаннаах сокуон көҕүлээһиннэрин тупсарыы боппуруоһа буолла.
«Чульман бөһүөлэгэр тахсыбыт быһылаанынан сибээстээн, бу тиэмэ билигин ордук сытыытык турар. Владимир Владимирович Ил Түмэн салалтатын, Бырабыыталыстыба чилиэттэрин, оройуон баһылыктарын, төрөппүт уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрин уонна кыыллары көмүскээччилэри кытта көрүстэ. Салгыы Дьокуускайга кыыллары тутар пууҥҥа сырытта. Кини бу кыһалҕаны быһаарыыга, ол иһигэр билигин Үрдүкү суукка көрүүгэ сытар өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барылын ситэрэн биэриигэ бэйэтин этиилэрин киллэрдэ», — диэтэ Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар. Айсен Николаев этэринэн, федеральнай уонна эрэгийиэннэр таһымнарыгар эбии дьаһаллары ылыы туһунан кэпсэтии барда. Бырабыыталыстыбаҕа ыытыллыбыт Бурматовы кытта көрсүһүүгэ улуус баһылыктара муниципалитеттарга кыылары көрүүтэ-истиитэ суох ыытыыга боротокуол оҥорууга боломуочуйалары биэрэллэригэр, ыттары булгуччулаахтык регистрациялыырга уонна приюттарга ороскуоттарын толуйарга этии киллэрдилэр.
Владимир Бурматов Саха сиригэр бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын бэрээдэктээһиҥҥэ элбэх үлэ ыытыллыбытын туһунан бэлиэтээтэ. Ону таһынан Госдуума дьокутаата өрөспүүбүлүкэ волонтердара ыытар үлэлэрин эмиэ аҕынна. «Сокуон билиҥҥи балаһыанньаны уонна эрэгийиэн уратыларын учуоттаан, дьон туһатыгар үлэлиэхтээх дии саныыбын. Биһиги нэһилиэнньэ көмүскэллээх буоларын туһугар бииргэ үлэлиир санаалаахпыт», — диэн түмүктээтэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: