Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Крым Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.
— Бу бырааһынньык элбэх омук олорор Крым олохтоохторугар эрэ буолбакка, Арассыыйа гражданнарыгар барыларыгар аналлаах. Биһиэхэ Крым куруук таптаан сылдьар, сынньанар сирбит буолар. Дыбарыастар, кириэппэстэр, мусуойдар, пааматынньыктар, литература нэһилиэстибэтэ – бу барыта Крым баай устуоруйалаах, ураты култууралаах, үгэстэрдээх эрэгийиэн буоларын туоһулуур. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ сүрүн баайынан хорсун, үлэһит, ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ буолар.
Крым 2014 сыл кулун тутар 16 күнүгэр референдумҥа 97% куоластаан, Арассыыйаҕа холбоһон, дьиҥнээх патриотизм, хорсун быһыы уонна көҥүлгэ тардыһыы холобурун көрдөрбүтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Крым Өрөспүүбүлүкэтин урут-уруккуттан доҕордуу сибээс ситимниир, ол сылтан сыл бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэр. Крым Миниистирдэрин сэбиэтэ уонна СӨ бырабыыталыстыбата атыы-эргиэн, научнай-техническэй, социальнай-култуурунай өттүнэн бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаспыттара.
2021 сыллаахха Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа Крым Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Сергей Валерьевич Аксеновы кытары бу Сөбүлэһиини олоххо киллэриигэ 2025 сылга диэри бииргэ дьайыы боротокуолугар илии баттаабыппыт. Биһиги бииргэ дьайсар, үлэлиир өрүппүт элбэх.
Күндү Крым олохтоохторо! Биһиги улуу Арассыыйа састаабыгар иллээхтик бииргэ олоробут уонна уопсай инникилээхпит. Крым Өрөспүүбүлүкэтэ бу бырааһынньыгын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын өттүнэн улахан ситиһиилэрдээх көрсөр. Бу үөрүүлээх дьоро күн барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, ситиһиилэри баҕарабын!
Дьокуускай куорат дьаһалтатын планеркатыгар иһитиннэрбитинэн, олунньу 16 күнүнээҕи туругунан, ОРВИнан уонна гириибинэн сибээстээн Физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэй…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу икки түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
Саха сиригэр араас эрэгийиэннэртэн, ону ааһан тас дойдулартан туристар бөлөҕүнэн, биирдиилээн кэлэ тураллар. Швейцарияттан кэлбит…
Бу нэдиэлэ Күрүлгэн бэлиэтиттэн Балыктар бэлиэтигэр көһөр. Ол аата харчыга сыһыаннаах боппуруостарга бастаан "саҥа сүүрээннэр",…
Бүгүн, олунньу 16 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин, соҕуруу диэки хаар сөбүгэр…
Мэҥэ Хаҥалас улууһа урукку сэбиэскэй кэмтэн нэһилиэктэринэн культура уонна спорт бэстибээлин ыытар үтүө үгэстээх. Майа…