Ил Дархан норуот талааннаахтарыгар истипиэндьийэ туттарда

Ил Дархан норуот талааннаахтарыгар истипиэндьийэ туттарда

23.11.2023, 16:19
хаартыска - Андрей Сорокин, видео - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарыгар, оһуохайдьыттарыгар уонна тимир уустарыгар — Саха сирин үгэс буолбут култууратын илдьэ сылдьааччыларга, сайыннарааччыларга анал истипиэндьийэни туттарда. 

— Биэс сыл иһигэр үгэс буолбут култуурабыт сайдыытыгар туһуламмыт үлэ дириҥ ис хоһооннонно.  Уопсастыбаннас көҕүлээһининэн Олоҥхо дьиэтин тиһигэ тэриллибитэ.  Былырыын истипиэндьийэ олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар туттарыллыбыта. Былырыын — норуот маастардарыгар. Олоҥхо ыһыахтара эһиил Аммаҕа, онтон  Нерюнгригэ ыытыллыахтара. Национальнай бырааһынньыкпыт култуура сайдыытыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар олус улахан суолталаах, — дитэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Истипиэндьийэни кимнээх ыллылар?

1.АВЕЛОВА Анфиса Павловна — олоҥхоһут, Томпо улууһа.

2. ГРИГОРЬЕВА Маргарита Егоровна — олоҥхоһут, Бүлүү улууһа.

3. ГРИГОРЬЕВ Николай Никитич — олоҥхоһут, Чурапчы улууһа.

4. ГРИГОРЬЕВ Иван Алексеевич — олоҥхоһут, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
5. ОСЕНИНА Дарья Михайловна — олоҥхоһут, Уус Маайа улууһа

6. НИКОЛАЕВ Алексей  Николаевич — олоҥхоһут, Таатта  улууһа.

7.  АЛЕКСЕЕВ Афанасий Егорович — оһуохай этээччи, Бүлүү улууһа.
8. АЛЕКСЕЕВА Дария Егоровна — оһуохай этээччи, Горнай улууһа.
9.  ИВАНОВ Роман Данилович — оһуохай этээччи, Сунтаар улууһа.
10. КАРАМЗИН Николай Кузьмич — оһуохай этээччи, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
11.  МОРФУНОВ Семен Семенович — оһуохай этээччи, Чурапчы улууһа.

12. НИКОЛАЕВА Марта Тимофеевна — оһуохай этээччи, Сунтаар улууһа.

13. ТИХОНОВА Розалия Михайловна — оһуохай этээччи, Ньурба улууһа.
14.  БИЛЮКИН Сарыал Константинович — тимир ууһа, Таатта улууһа.

15. БОРИСОВ Устин Николаевич — тимир ууһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
16.  ЛУКОВЦЕВ Петр Аркадьевич — тимир ууһа, Таатта  улууһа.
17. СКРЯБИН Алексей Петрович — тимир ууһа, Амма  улууһа.
18.  ФЕДОРОВ Егор Петрович — тимир ууһа, Бүлүү  улууһа.
19.  ЧЕМЧОЕВ Реворий Гаврильевич — тимир ууһа, Бүлүү  улууһа.
20.  БОРИСОВ Пантелеймон Михайлович — норуот маастара, Үөһээ Бүлүү улууһа.
21. ВАСИЛЬЕВА Варвара Тихоновна — норуот маастара, Уус Алдан  улууһа.
22.  ЕГОРОВ Петр Петрович — норуот маастара,  Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
23.  МАРКОВ Федор Иванович — норуот маастара,  Дьокуускай куорат.
24. САВВИНОВ Владимир Иванович — норуот маастара,  Ньурба улууһа.
25.  СЕДАЛИЩЕВА Ольга Егоровна — норуот маастара, Чурапчы улууһа.

26. СЕРГЕЕВА Анна Федоровна — Өлөөн эбэҥки национальнай улууһа.

Чурапчы улууһуттан сылдьар оһуохай этээччи Семен Морфунов, спортсмен киһи, дьон ортотугар сылдьарга үөрэнэн хаалан, «сааһыран иһэн 1987 сыллаахтан оһуохай таһаарыыга ис сүрэхпиттэн тугу көрөрбүн хоһуйан, ыллаан-туойан барбытым» диэн бэлиэтээтэ. Кини уопсайа тоҕус олоҥхо ыһыаҕар сырытта. «Онон норуот түмсүүтэ биһигини, сахалары, сомоҕолуурун итэҕэйэбин уонна бу дьарык биһиэхэ өрүү баар буолуон баҕарабын, — диэн бэлиэтээтэ.

Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова чурапчылар ситиһиилэрин сырдатта:

30 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх истипиэндьийэҕэ тиксээччилэр анал куонкуруһу ааһаллар.  Харчынан бириэмийэ ый аайы сылы быһа төлөнөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: