Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарыгар, оһуохайдьыттарыгар уонна тимир уустарыгар — Саха сирин үгэс буолбут култууратын илдьэ сылдьааччыларга, сайыннарааччыларга анал истипиэндьийэни туттарда.
— Биэс сыл иһигэр үгэс буолбут култуурабыт сайдыытыгар туһуламмыт үлэ дириҥ ис хоһооннонно. Уопсастыбаннас көҕүлээһининэн Олоҥхо дьиэтин тиһигэ тэриллибитэ. Былырыын истипиэндьийэ олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар туттарыллыбыта. Былырыын — норуот маастардарыгар. Олоҥхо ыһыахтара эһиил Аммаҕа, онтон Нерюнгригэ ыытыллыахтара. Национальнай бырааһынньыкпыт култуура сайдыытыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар олус улахан суолталаах, — дитэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Истипиэндьийэни кимнээх ыллылар?
1.АВЕЛОВА Анфиса Павловна — олоҥхоһут, Томпо улууһа.
2. ГРИГОРЬЕВА Маргарита Егоровна — олоҥхоһут, Бүлүү улууһа.
3. ГРИГОРЬЕВ Николай Никитич — олоҥхоһут, Чурапчы улууһа.
4. ГРИГОРЬЕВ Иван Алексеевич — олоҥхоһут, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
5. ОСЕНИНА Дарья Михайловна — олоҥхоһут, Уус Маайа улууһа
6. НИКОЛАЕВ Алексей Николаевич — олоҥхоһут, Таатта улууһа.
7. АЛЕКСЕЕВ Афанасий Егорович — оһуохай этээччи, Бүлүү улууһа.
8. АЛЕКСЕЕВА Дария Егоровна — оһуохай этээччи, Горнай улууһа.
9. ИВАНОВ Роман Данилович — оһуохай этээччи, Сунтаар улууһа.
10. КАРАМЗИН Николай Кузьмич — оһуохай этээччи, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
11. МОРФУНОВ Семен Семенович — оһуохай этээччи, Чурапчы улууһа.
12. НИКОЛАЕВА Марта Тимофеевна — оһуохай этээччи, Сунтаар улууһа.
13. ТИХОНОВА Розалия Михайловна — оһуохай этээччи, Ньурба улууһа.
14. БИЛЮКИН Сарыал Константинович — тимир ууһа, Таатта улууһа.
15. БОРИСОВ Устин Николаевич — тимир ууһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
16. ЛУКОВЦЕВ Петр Аркадьевич — тимир ууһа, Таатта улууһа.
17. СКРЯБИН Алексей Петрович — тимир ууһа, Амма улууһа.
18. ФЕДОРОВ Егор Петрович — тимир ууһа, Бүлүү улууһа.
19. ЧЕМЧОЕВ Реворий Гаврильевич — тимир ууһа, Бүлүү улууһа.
20. БОРИСОВ Пантелеймон Михайлович — норуот маастара, Үөһээ Бүлүү улууһа.
21. ВАСИЛЬЕВА Варвара Тихоновна — норуот маастара, Уус Алдан улууһа.
22. ЕГОРОВ Петр Петрович — норуот маастара, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
23. МАРКОВ Федор Иванович — норуот маастара, Дьокуускай куорат.
24. САВВИНОВ Владимир Иванович — норуот маастара, Ньурба улууһа.
25. СЕДАЛИЩЕВА Ольга Егоровна — норуот маастара, Чурапчы улууһа.
26. СЕРГЕЕВА Анна Федоровна — Өлөөн эбэҥки национальнай улууһа.
Чурапчы улууһуттан сылдьар оһуохай этээччи Семен Морфунов, спортсмен киһи, дьон ортотугар сылдьарга үөрэнэн хаалан, «сааһыран иһэн 1987 сыллаахтан оһуохай таһаарыыга ис сүрэхпиттэн тугу көрөрбүн хоһуйан, ыллаан-туойан барбытым» диэн бэлиэтээтэ. Кини уопсайа тоҕус олоҥхо ыһыаҕар сырытта. «Онон норуот түмсүүтэ биһигини, сахалары, сомоҕолуурун итэҕэйэбин уонна бу дьарык биһиэхэ өрүү баар буолуон баҕарабын, — диэн бэлиэтээтэ.
Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова чурапчылар ситиһиилэрин сырдатта:
30 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх истипиэндьийэҕэ тиксээччилэр анал куонкуруһу ааһаллар. Харчынан бириэмийэ ый аайы сылы быһа төлөнөр.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…