Ильхам Алиев: “Кыраныыссабытын быһаардыбыт, салгыы үлэлэһэргэ судургу буолуоҕа”
Азербайджан бэрэсидьиэнэ Ильхам Алиев Экэниэмикэ Евразиятааҕы үрдүкү сэбиэтин мунньаҕар Азербайджан Арменияҕа сир-уот сыһыаннаһыытыгар хом санаата суоҕун иһитиннэрдэ.
Ильхам Алиев билигин Азербайджан Арменияҕа сир-уот сыһыаннаһыытыгар туох да боппуруоһу туруорбатын иһитиннэрдэ.
— Бастатан туран, РФ бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа биһиги дойдуларбытын кытары кэпсэтии ыытарын, эйэлэһиигэ биир сүрүн дойду буоларын иһин дириҥ махталбын тиэрдэбин. Арассыыйа Азербайджаны да, Арменияны да кытары бииргэ үлэлэһэ олорор уонна онно улахан болҕомтотун уурар. Армения сирин-уотун чопчу сыыппаранан көрдөрөн кыраныыссаны быһаарда. Салгыы кэпсэтиибит, эйэ дуогабарын баттаһыыбыт быдан судургутуйуоҕа дии саныыбын. Тоҕо диэтэргин, сири-уоту быһаарыы – бу сүрүн кыһалҕабыт этэ, — диэн кини эттэ.
Азербайджан Экэниэмикэ Евразиятааҕы сойууһугар киирсэр дойдулары кытары табаары эргиниитэ сылтан сыл үрдээн иһэр. Былырыын 31 бырыһыан үрдээн 4,7 млрд дуолларга тэҥнэспит. “Быйыл муус устардааҕы дааннайынан, өссө 38 бырыһыан үрдээтэ”, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, Азербайджан Каспий муоратыгар атыыга-тутууга саамай улахан флоттаах. Алят диэн улахан пуорда билигин 15 мөлүйүөн туонна таһаҕаһы ыла олорор. Сотору кэминэн бу пуорт кэҥээн, 25 мөлүйүөн туонна таһаҕаһы ылар кыахтаныахтаах. Ону таһынан Азербайджан Европаҕа тахсар суол буолар. “Кэлиҥҥи сүүрбэччэ сылга биһиги валовай бородууктабыт үс төгүл үрдээтэ. Билигин биһиги тас дойдуларга бэйэбит табаарбытын атыыга таһаарыыга сүрүн болҕомтобутун уурабыт”, — диэн Ильхам Алиев иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: