Илии сылааһа – ийэҕэ бастыҥ бэлэх
Ийэ күнүн чэрчитинэн Ньурба улууһун бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Георглана Николаева уонна Я.В. Ушканова А.Н. Чусовской аатынан Ньурба тэхэньиичэскэй лиссиэйин 7-с “В” кылааһын үөрэнээччилэригэр сабынан баайыыга маастар-кылаас ыыттылар.
Икки уруок устата оҕолор олоппоско ууруллар төгүрүк олбохтору баайарга үөрэннилэр, илиилэрин сылааһынан баайыллыбыт оҥоһуктары дьиэлэригэр тиийэн ийэлэригэр, эбэлэригэр бэлэхтиэхтэрэ.
Тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр сымнаҕас сабынан чэпчэкитик баайарга үөрэннилэр. Кыра-кыралаан биэтилэни эбэн хайдах улаатыннаран төгүрүк оҥорон баайары биллилэр. Төһө да бастаан сатаабаталлар, оҕолор түргэнник үөрэннилэр. Үксүлэрэ сатаан баайар буоллулар, ол кинилэргэ салгыы бэйэлэрэ баайалларыгар үөрүйэх буолуо.
Маннык маастар-кылаастар оҕолорго айар дьоҕурдарын арыйарга, саҥаны билэргэ, уонна дьарыктаах буоларга кыаҕы биэрэллэр. Онон бу күн, оҕолор айар дьоҕур эйгэтигэр куустардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: