“Илии сылааһа” сыах иистэнньэҥнэрэ 20 “Эр хоһуун” мөһөөччүгү уолаттарга туттардылар
«Илии сылааһа» добровольческай иистэнэр сыах Ирина Саввина салайааччылаах аҕыс волонтёртан турар хамаандата атырдьах ыйын 6 күнүттэн саҕалаан, Дьокуускай — Хабаровскай — Владивосток — Дьокуускай хайысхатынан үлэтин түмүктээн бүгүн айаннаан иһэр.
«Туруоруллубут сыалбытын ситиһэн, санаабыт күүһүрдэ. Икки куоракка 19 устуука »Эр Хоһуун» анал размерынан тигиллибит мөһөөччүгү уонна 1 спецсакааһы, барыта 20 сакааһы, тигэн туттаран төннөн эрэбит» — диэн үллэстэр Ирина Егоровна. — Оҕолорбутугар дойдуларын итии илгэ тыына, иистэнньэҥнэр илиилэрин сылааһа, бөҕө сииктээх таҥастара, куар-кодтаах ыраастанар, бөҕө тирэҕи биэрэр оттоох мөһөөччүк оҕото дурда-хахха, көмүскэл буолара, анал алгыстаах »Эр Хоһуун» мөһөөччүк бөҕө туругу түстүүрэ эрэбил!
Үлэбит миэстэтиттэн саҕалаан утуйар, аһыыр боппуруостары тэҥҥэ түргэнник быһааран хааччыйбыттарыгар, харгыһа суох күүстээх иис үлэтэ ыытыллыбытыгар хамаандабыт аатыттан Саха Постпредство салайааччытыгар Ким Александровичка, тутаах үлэһиттэригэр Наталья Петровнаҕа, Туйаара Владимировнаҕа, Надежда Васильевнаҕа, Константин Сергеевичка, тулуурдаах суоппарга Юрий Алексеевичка,
Хабаровскай куорат хамаандатыгар Диана Афанасьевнаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит! Эһиэхэ түбүктээх үлэҕитигэр ситиһиилэри, бар дьоҥҥутугар күүс-көмө, өйөбүл буола тураргытыгар баҕарабыт!
Өйдүү-саныы сылдьарбытыгар кэрэ күннэри бэлэх ууммуккутугар, кыһамньыгыт иһин өссө төгүл махтал!
»Илии сылааһа” бырайыак улуустарга баар филиаллара саамай көмөлөөх, тутаах салаанан буолбуттара саарбаҕа суох. Ол курдук бу айаҥҥа биһигини кытта Хаҥалас улууһун Покровскай куоракка баар филиал салайааччыта Альбина Лукина үлэлээн кэллэ. Альбина Петровна иистэнэрин таһынан иистэнэр массыына бары көрүҥүн билэрэ олус туһалаата. Кини ыраастаан, самааскалаан, көннөрөн, үлэлииргэ сөптөөх гына бэлэмниирин түмүгэр үлэбит тэтимэ тохтообокко барбытын махтана кэпсиибит. Маннык дьоҕурдаах кыргыттардаахпытыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Кыайыы туһугар — Бары бииргэ!”
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: