Салгыы
Илимниирдэр муус ылан, мас бэлэмнээн көмөлөһөллөр

Илимниирдэр муус ылан, мас бэлэмнээн көмөлөһөллөр

Ааптар:
23.11.2022, 09:00
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Илимниириттэн икки киһи бэйэтин баҕатынан уонна икки уол  бэбиэскэ тутан,  быстах хомуурга ыҥырыллан  барбыттара. Уолаттарга нэһилиэнньэ көмө харчыны хомуйан, 60 тыһыынча солкуобай кэриҥэ киирбитин туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бу үбү хас биирдиилэригэр тыыран, 10-нуу тыһыынча солкуобай ыытылынна. Нэһилиэк кыттыспыт үбүттэн 14 000 солк. эмп-том ылылынна.
Кэрэ аҥаардар «Күбэйэ» түмсүү уонна «Дьулуур» култуура киинин үлэһиттэрэ туора турбакка, 20 устуука аптечка уонна 10  байыаннай рюкзагы  тигэн,  суһал ыстаапка туттардылар. Ону таһынан, «Рука помощи семьям мобилизованных» аахсыйа тэриллэн көмө үлэтэ бара турар.  Ол чэрчитинэн, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уонна култуура исписэлиистэрэ  Егоровтар дьиэ кэргэттэригэр кыһыҥҥы кыстыкка бэлэмнэниигэ икки  массыына саһаан хайытан  туруордулар. Петровтарга саһаанынан хааччыйыы үлэтэ барда.
«ОДьКХ» ГУП  үлэһиттэрэ мобилизацияҕа барбыт уоллаттар дьиэ кэргэттэригэр ыраас мууһунан хааччыйдылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: