Салгыы
Илимньит ирдэбили тутуһуохтаах

Илимньит ирдэбили тутуһуохтаах

29.09.2024, 11:00
СИА архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха сирин олохтоохторугар балыктааһын диэн олус суолталаах дьарык. Онон бу эйгэҕэ киирэр уларыйыылары, быраабылалары дьон куруук билэ-истэ сылдьарга кыһанар.

Саха сиригэр балаҕан ыйын 20 күнүттэн алтынньы 20 күнүгэр диэри любительскэй балык­тааһынынан дьарыктанар дьоҥҥо илимниир бобуллан турар. Арай, собоҕо бобуллубат. Бу балыгы ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри илимниир көҥүллэммэт. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бобуу балык ыамын кытта сибээс­тээх. Бу ыйыллыбыт кэмҥэ Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн Бытантай улуустарыгар уонна Дьокуускайга илим­ниир бобуллар. Итиэннэ балаҕан ыйын 20 күнүтэн алтынньы 20 күнүгэр диэри балык­таах күөллэринэн, өрүстэринэн, уу хранилищеларынан уонна боротуо­каларынан мотуордаах оҥочолорунан айанныыр хааччахтанар. Анал көҥүллээхтэр эрэ сылдьыахтара, – диэн “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар иһитиннэрии тахсыбытын кэннэ, тоҕо манныгый диэн ыйытыылар киирбиттэрэ.

Ханна бобуулааҕый?

Туһааннаах ыйытыыга СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Балыктааһыны сүрүннээһиҥҥэ бөлөҕүн салайаач­чыта Прокопий Афанасьевич Кириллин этэринэн, Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын минис­тиэристибэтин 2020 с. 26.06 күнүнээҕи
347 №-дээх бирикээһинн бигэргэммит, Илин Сибиир балык хаһаайыстыбатын бассейныгар балыктааһын быраабылатыгар сөп түбэһиннэрэн, балык саппааһын харыстыыр туһуттан, балык сааскы уонна күһүҥҥү ыамын кэмигэр любительскэй балыктааһыҥҥа илими туһаныы бобуллар.

Ол курдук, сааскы-сайыҥҥы уонна күһүҥҥү-кыһыҥҥы балык ыыр кэмигэр илими туһаныы бобуллар:

– Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эдьигээн, Усуйаана, Абый улуустарыгар  — ыам ыйын 25 күнүттэн бэс ыйын 25 күнүгэр диэри уонна балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 25 күнүгэр диэри;

– Аллайыаха улууһугар – ыам ыйын 25 күнүттэн бэс ыйын 25 күнүгэр диэри (Индигир өрүс сүнньүттэн уратыларга) уонна балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 25 күнүгэр диэри;

– Аллараа Халыма улууһугар – ыам ыйын 25 күнүттэн бэс ыйын 25 күнүгэр диэри (Халыма өрүс сүннүьүттэн уратыларга) уонна балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 25 күнүгэр диэри;

– Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Алдан, Амма, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Уус Маайа, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Горнай, Нам, Кэбээйи, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Муома, Өймөкөөн, Үөһээ Халыма улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка киирсэр сирдэргэ – ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри уонна балаҕан ыйын 20 күнүттэн алтынньы 20 күнүгэр диэри;

– Орто Халыма улууһугар – ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри (Халыма өрүс сүнньүттэн уратыларга) уонна балаҕан ыйын 20 күнүттэн алтынньы 20 күнүгэр диэри.

Бу кэмҥэ спиннинынан, күөгүнэн балыктыахха сөп.

Санаа

Максим Ксенофонтов, Дьокуускай олохтооҕо:

– Илим диэн ааттаах бөһүөлэк Свердловскай уобаласка баар. Ангара салаата Илим өрүс диэн баар. Илим диэн күөл эмиэ баар.

Оттон биһиги балыктыыр тэрилбитин илим диибит. Илим барахсан! Хас үйэ тухары дьон-аймаҕы аһатан-сиэтэн кэлбитэ буолуой! Быыкаа харахтаах илиминэн мундуну ыллахха, араа­рарыҥ баар – сыралаах үлэ. Бөдөҥ, лэһигирэс собо илимҥэ элбэхтик киирэрэ – туһунан үөрүү.

Ол эрэн, кэнники кураан сылларга күөллэр уолан, балык аҕыйаан, 2 эрэ илиминэн бултуур көҥүллэнэр буолла. Күһүн, саас биирдии ый илиминэн балыктыыр бобуллар. Арай, күһүҥҥү өттүгэр, собону илимниир хааччахтаммат.

Ыстарааптаныахха сөп

Бобуулаах кэмҥэ илимнээһин иһин Росрыболовство судаа­рыстыбаннай иниспиэктэрдэрэ РФ КоАП 8.37 ыстатыйатын
2 ч. олоҕуран, дьону 2000-тан 5000 солк. диэри ыстарааптыыллар уонна РФ Бырабыыталыстыбата бигэргэппит кээмэйинэн сокуону кэһэн бултаммыт хас биирдии балык иһин хоромньуну төлөтөллөр.

Балыктааһын бобуулаах кэмиттэн уратыларга дьон балык­таан, айахтарыгар сииллэригэр анаан тэриллибит 179 өрүс уона 365 күөл учаастактарыгар илимниэхтэрин сөп. Маныаха илимнэрин Росрыболовствоҕа учуокка туруоруохтаахтар уонна хас биирдиилэрэ маркировкаланыахтаахтар.

Балыктааһын быраабылатыгар ыйыллыбыт учаастактарга  көҥүллэнэр:

– 30 миэтэрэ уһуннаах илиминэн, хараҕа 22 мм кыра буолуо суохтаах;

– ийэтэ суох кыра муҥханан, 4 миэтэрэттэн үрдүгэ суох, 25 миэтэрэҕэ диэри уһуннаах, хараҕа 10 мм кырата суох буолуохтаах;

– өрүһү туора тардыллыбыт быһытынан, онно илимнэри баайаллар, кынатын уһуна 10 миэтэрэҕэ диэри мөрүөһэлээх буолуохтаах, ийэтин хараҕа 22 мм кырата суох;

– 10 миэтэрэ уһуннаах ийэтэ суох кыра муҥханан, хараҕа 12 мм диэри, алыһары, кыһыл хараҕы бултуурга сөп түбэһэр.

Ону тэҥэ өрүһү кытта үрэҕинэн ситимэ суох  соболоох күөллэргэ бэйэ сииригэр диэн балыктыахха сөп.

– Муус аннынан балыктыырга кынатын хараҕа – 40 мм. уонна үрдүк, тулааһынын хараҕа – 32-36 мм, ийэтин хараҕа – 30-32 мм, 150 миэтэрэ уһуннаах муҥха туттуллар.

– Эбэтэр хас биирдиилэрэ 30 миэтэрэ уһуннаах, 40 мм кырата суох кээмэйдээх харахтаах икки илиминэн, ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри сааскы-сайыҥҥы балык ыыр кэмигэр илимнээһин бобуллар кэмиттэн уратыларга.

Бу курдук, балыктааһын быраабылатын тутуһуу булгуччу­лаах. Оччоҕо эрэ минньигэс балыгы амсайар уонна үүнэр көлүөнэҕэ хаалларар кыахтаахпыт.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: