Илин эҥээр улуустар балыыһалара инсуллаабыт уонунан киһини сыллата быыһыыллар
Мэҥэ Хаҥалас киин оройуоннаммыт балыыһатыгар 2012 сылтан үлэлиир тымыр бастакы сүһүөх отделениета илин эҥээр улуустарга мэдиссиинискэй систиэмэ солбуллубат чааһынан буолар.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун саҥардыыны инники күөҥҥэ тутар туһунан былааска эппитэ. Бу ордук чуолаан кыра куораттар, бөһүөлэктэр олохтоохторугар, саастаах көлүөнэҕэ уонна оҕолордоох ыалга сыһыаннаах диэн судаарыстыба баһылыга бэлиэтээбитэ.
Илин эҥээр улуустар тымыр бастакы сүһүөх отделениелара инсуллаабыт уонна сытыы коронарнай синдромнаах уонунан ыарыһаҕы сыллата быыһыыллар.
Эмчиттэр илин эҥээр улуустарга — Мэҥэ Хаҥалаһы, Уус Алданы, Амманы, Чурапчыны уонна Тааттаны хабан туран, 101 тыһыынча киһини көрөллөр-истэллэр. Онтон 70 тыһыынчаттан тахса киһитэ — сааһын сиппит дьон.
3-с №-дээх тымыр бастакы сүһүөх отделениетыгар 25 куойка баар, бу интенсивнэй терапия палаататын ааҕан туран. Ааспыт 2023 сылга манна 589 ыарыһах көрдөрбүт. Отделение баазатыгар 306 телемэдиссиинэ консультацията ыытыллыбыт диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: