Бэҕэһээ, ыам ыйын 4 күнүгэр, Дьокуускайга «Илин эҥэр» атыы-эргиэн киинэ баар дьиэтигэр улахан баһаар буолан, элбэх киһини эвакуациялаабыттара.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, маҕаһыын хоруобуйатын (кровля) оҥоро сылдьан, үлэҕэ сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии түмүгэр баһаар тахсыбыт. Баһаар тахсыбыт сириттэн гаас боллуоннара, битумнаах бааҥкалар, түргэнник умайан тахсар састааптаах тэриллэр ылыллыбыттар.
Баһаарга 19 кыбартыыра эмсэҕэлээбит. Билиҥҥи туругунан олорор дьиэнэн хааччыллыыга биир дьиэ кэргэнтэн сайаапка киирбит. Бу туһунан Октябрьскай уокурук салайааччыта Валентин Эверстов иһитиннэрбит.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…
Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…
Элэктэриичэстибэ уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулуктаах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …
Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…