Илин эҥэргэ бастакы элбэх этээстээх дьиэ үлэҕэ киирдэ

Share

Бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүллүбүт дьоҥҥо элбэх кыбартыыралаах дьиэ аанын тэлэччи аста.

Бу лииптээх элбэх этээстээх дьиэ өрүс уҥуор аан бастакытын тутулунна.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Ил Дархан Айсен Николаев саҥа дьиэ олохтоохторун үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээн туран, подъездтар ыстаарысталарыгар — Анна Климентоваҕа уонна Зоя Герасимоваҕа, ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга күлүүстэри туттартаата. Саҥа дьиэҕэ 70 ыал кыбартыыра ылла.

“Илин эҥэргэ аан бастаан лииптээх элбэх этээстээх дьиэ тутулунна. Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн олохтоох «Мегино-Строй» хампаанньа тутта. Сотору кэминэн бку эргин маннык тутуулар элбиэхтэрэ, олорорго табыгастаах дьиэлэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар эрэ буолбакка, улуустарга эмиэ тутуллуохтара диэн эрэллээхпин», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Айсен Николаев Сергеевтар уонна Габышевтар дьиэ кэргэттэрин саҥа кыбартыыраларыгар сылдьан, тутуу хаачыстыбатын уонна элбэх оҕолоох ыалларга тэриллибит усулуобуйаны табыгастааҕынан сыаналаата.

«Саҥа дьыл иннинэ саҥа кыбартыыралары ылбыппытыттан олус үөрэбит. Бу биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бэртээхэй бэлэх буолар. Бу кыбартыыра иэнинэн бу иннинэ олорбут дьиэбитинээҕэр өссө улахан. Урукку кыбартыырабыт ситэтэ суох хааччыллыылаах этэ. Билигин көһөрүү бырагырааматын көмөтүнэн өссө табыгастаах усулуобуйаҕа олоруохпут. Кэлэр сылга манна көһүөхпүт», — диэн Сергеевтэр үөрүүлэрин үллэстэллэр.

Саҥа дьиэ 7 этээстээх, тутуу уопсай иэнэ 7,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса. Сакаасчытынан «СӨ Дьиэ тутуутун дириэксийэтэ» ГКУ буолар, бырайыагы «СПДС» ХЭТ оҥорбут, оттон тутуу үлэтин “Мегино-Строй” ПК хампаанньа ыыппыт.

2019 сылтан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн, уопсайа 42 тыһыынчаттан тахса кв.м иэннээх 25 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирбит, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

12 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

14 часов ago