Илин эҥэргэ уот холбонно

Илин эҥэргэ уот холбонно

23.01.2023, 20:08
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Якутскэнерго» ПАУо «Киин электическэй ситимнэр» тэрилтэтэ илин эҥэр улуустарыгар уот ситимигэр саахал тахсаатын кытары  110 кВ «Майа – Чурапчы» лииньийэни 110 кВ «Майа – Бороҕон» ситимҥэ суһаллык холбуур үлэлэри ыыппыта.

Эмсэҕэлээбит биэс улууска – Уус Маайаҕа, Тааттаҕа, Аммаҕа, Чурапчыга уонна Томпоҕо саппаас дизельнэй электроыстаансыйалары холбообуттара. Ол эрээри, Амма, Чурапчы, Таатта уонна Томпо улуустарыгар Федеральнай ситим хампаанньатын — Биир кэлим энергетическэй тиһигэ (ФСК ЕЭС)  чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ бүтүөхтэригэр диэри уоту кыраапыгынан биэриэхтэрэ диэн «Киин электрическэй ситимнэр» тэрилтэ пресс-киинэ иһитиннэрэр.

«Киин электрическэй ситимнэр» энергетиктэрэ 110 кВ «Майа – Чурапчы» лииньийэни 110 кВ «Майа – Бороҕон» ситимҥэ  холбоотулар, итини таһынан саахал тахсыбыт лииньийэтин өрөмүөннүү сылдьаллар. Схеманы таҥарга уонна лииньийэ холбоноругар быстах кэмҥэ уоту дизельнэй  электроыстаансыйа5а холбоон  биэрэ сылдьыбыппыт. Онтон бу быстах кэмнээх ситим өрөмүөн барар кэмигэр эмсэҕэлээбит улуустары уотунан хааччыйыа», — диэн «Якутскэнерго» ПАУо Киин электическэй ситимнэрин кылаабынай инженерэ Михаил Варейкис бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, бүгүн, тохсунньу 23 күнүгэр 13:37 ч. уот ситимигэр технологическай кэһиллии  тахсыбытын түмүгэр, «Майа» 220 кВ электроыстаансыйатыгар саахал тахсыбыта. Онтон сылтаан биэс улуус уота суох хаалбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 декабря
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: