Илиҥҥи дойдуларга атааннаһыы
Европаҕа чугас сытар илиҥҥи дойдулар атааннаһыылара оҕустар харсыһыыларыгар майгынныыр. Ону күөртээн, кыынньаан да биэрээччилэр бааллар. Соторутааҕыта Иран Израильга дроннары ыытан, саба түһүүнү оҥордо диэн куйаар ситимигэр тарҕаммыта. Иран Израильга тоҕо саба түстэ?
Туохтан саҕаламмытай?
Израиль – Средиземнай муораны кыйа сытар дойду. Ливаны, Сирияны, Иорданияны, Египеты, Газа куорат эҥээрин (Сектор Газа) кытары кыраныыссалаһар. Иран Ирагы, Азербайджаны, Турцияны, Туркменистаны, Афганистаны, Пакистаны кытары ыаллаһа сытар уонна Каспийскай муораҕа, Индийскай акыйааҥҥа тахсарынан, Евразия биир тутаах судаарыстыбатынан буолар. Ону сэргэ ислам итэҕэллээх судаарыстыбаларга сиринэн-уотунан киэҥинэн, экэниэмикэтинэн инники күөҥҥэ иһэр.
Израиль бэйэтин автономиятын 1948 сыллаахха ылыммыта, оттон Иран ислам өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн 1979 сыллаахха Ислам Өрөспүүбүлүкэтэ дэммитэ. Бу сылга диэри дойдулар бииргэ үлэлэһэр судаарыстыбалар быһыытынан сылдьыбыттара. Ол эрээри 80-с сыллартан орохторо атан, сыһыаннара сыыйа тымныйан барбыта. 1982 сыллаахха Ливан сэриитигэр аан бастакытын утарыта турбуттара. Уонна күн бүгүҥҥэ диэри тутуһан көрө сылдьаллар.
Билигин Палестина уонна Израиль атааннаһыытыгар Иран ХАМАС диэки буолан, Газа куораты көмүскэһэр. Онон бу боппуруос Израиль уонна Иран сыһыаннаһыыларыгар быһаччы дьайа турар. Билэргит курдук, ХАМАС байыаннай түмсүү 2005 сылтан Газа куорат тулатын бас билэн олорор. Бу түмсүү Ирантан уонна Катартан үбүлэнэр диэн этэллэр. 2008 сылтан Израиль Газа куоракка араастаан саба түһэ сатаабыта. Былырыын алтынньыга ХАМАС бэйэтэ Израильга илиитин көтөхпүтэ, ол түмүгэр Газа куоракка улахан сэрии саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан, итиннэ 33,8 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүтэ биллэр.
Саба түһүү
Иран Израильга тоҕо дроннарын, аракыаталарын ыыталаата? Төрүөтэ биир. Муус устар 1 күнүгэр Израиль Иран Сирияҕа Дамаск куоракка баар посольствотын ытыалаабыта. Манна 16 киһи өлбүтэ, ол иһигэр Иран сэриитин хамандыырдара. Иран бу быһыы дойдулар икки ардыларыгар түһэрсиллибит дуогабардарын кэһэрин, Израильга эппиэттэһиэҕин туһунан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр иһитиннэрбитэ. Ол эрээри тута хоруйу ылбакка, муус устар 13 күнүгэр Израильга дроннарын, аракыаталарын ыыталаабыта. Израиль прессата иһитиннэрэринэн, барыта 300 көтөр аппараат кэлбит. Мантан 99 бырыһыанын Израильга тириэрдибэккэ эрэ суулларбыттар. Манна Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Великобритания, Франция уонна Иордания сөмөлүөттэрэ үлэлээбиттэрэ билиннэ. Өскөтүн АХШ, Великобритания, Франция Израильга көмөлөһөллөрө өйдөнөр буоллаҕына, Иордания, ислам дойдута буолан туран, тоҕо утары барда?
Илиҥҥи дойдуларга өссө биир уоту күөдьүтэн таһаарыы хайа да судаарыстыбаҕа туһаны аҕалбат.
Иордания Сирияны, Ирагы, Саудовскай Аравияны, Израили, Палестинаны кытары атахтаһа сытар дойду. Нэһилиэнньэтин 60 бырыһыана Палестинаттан төрүттээх. Онон Газа сэриитигэр Израиль диэки буоларын быһаччы көрдөрбүтэ сэрэхтээх. Иордания тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистирэ Айман Хусейн Абдалла ас-Сафади Иран да, Израиль да өттүттэн кэлэр байыаннай дьайыылары утарабыт, бохсобут диэн иһитиннэрэн турар. Ол эрээри манна биири өйдүүр наадалаах, Иордания Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Англияны кытары үгүс боппуруоска бииргэ үлэлэһэр. Ол иһигэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга эмиэ. Онон бу дойдулар тылларыттан тахсыбатыгар сөп.
Израиль эппиэттэһиэ дуо?
Израиль, биир өттүнэн көрдөххө, арҕааҥҥы уонна арааб дойдуларын ситимниир судаарыстыба курдук көстөр. Ол эрээри аан дойду бэчээтигэр Америка Холбоһуктаах Штаттара Израили арааб дойдуларыгар биир сүрүн оруолу ылар судаарыстыба быһыытынан оҥоро сатыырын суруйбуттара ыраатта. Кэтээн көрдөххө, Европаҕа чугас сытар илиҥҥи дойдулартан Иран арҕааҥҥы дойдуларга бас бэриммэккэ олорор. Онон бу чааһыгар Иран Израиль байыаннай чаастарыгар туһулаан бэйэтин дроннарын, аракыаталарын ыыталаан, Израильга эрэ буолбакка, арҕааҥҥы дойдуларга хоруйдаата.
Онуоха Израиль маны таах хаалларыам суоҕа, эппиэттэһиэм диэн эппитэ. Билиҥҥитэ туох да биллибэт. Америка Холбоһуктаах Штаттара да өскөтүн Израиль эппиэттэһэр түгэнигэр көмөлөспөтүн туһунан эрдэ иһитиннэрэн турар. Ираҥҥа АХШ араас хааччаҕы киллэрэрин туһунан иһитиннэрдэ. Иран бэрэсидьиэнэ Эбрахим Раиси Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа иһитиннэрбитинэн, Иран атааннаһыыны өссө күөртүүр санаата суох.
Икки дойду лиидэрдэрин кэпсэтиитэ
Иран салайааччыта Эбрахим Раиси муус устар 16 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары төлөпүөнүнэн кэпсэппитэ. Бу туһунан бэрэсидьиэн пресс-сулууспата суруйар. Онно Владимир Владимирович Иран да, Израиль да эрэгийиэҥҥэ алдьархайы таһаарбат гына быһаарыныыны ылыныахтарыгар эрэнэрин иһитиннэрдэ. Эбрахим Раиси Израильга эппиэт быһыытынан күһэллэн дроннары ыыппыттарын эттэ уонна салгыы бэйэтэ да тыҥаан турар сыһыаны Иран салгыы күүркэппэт санаалааҕын бэлиэтээтэ.
Иран уонна Израиль атааннаһыылара Палестина (ХАМАС), Израиль атааннаһыыларыттан тахса турарын икки дойду салайааччылара иккиэн бэлиэтээтилэр. Манна Арассыыйа уонна Иран биир санаалаахтар. Газа куорат тулатыгар сэриилэһии тохтуохтаах, олохтоохторго ас-үөл тиийиэхтээх, икки дойдулар кэпсэтиини ыыталларыгар усулуобуйа оҥоһуллуохтаах.
Онон бу түгэҥҥэ Арассыыйа уонна Иран арҕааҥҥы дойдуларга биир санаалаахтарын көрдөрдүлэр. Ол эрээри илиҥҥи дойдуларга өссө биир уоту күөдьүтэн таһаарыы хайа да судаарыстыбаҕа туһаны аҕалбат.
Хаартыска: DZEN.RU УОННА HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/1223321
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: