Илиҥҥи дойдуларга атааннаһыы

Share

Европаҕа чугас сытар илиҥҥи дойдулар атааннаһыылара оҕустар харсыһыыларыгар майгынныыр. Ону күөртээн, кыынньаан да биэрээччилэр бааллар. Соторутааҕыта Иран Израильга дроннары ыытан, саба түһүүнү оҥордо диэн куйаар ситимигэр тарҕаммыта. Иран Израильга тоҕо саба түстэ?

Туохтан саҕаламмытай?

Израиль – Средиземнай муораны кыйа сытар дойду. Ливаны, Сирияны, Иорданияны, Египеты, Газа куорат эҥээрин (Сектор Газа) кытары кыраныыссалаһар. Иран Ирагы, Азербайджаны, Турцияны, Туркменистаны, Афганистаны, Пакистаны кытары ыаллаһа сытар уонна Каспийскай муораҕа, Индийскай акыйааҥҥа тахсарынан, Евразия биир ту­­таах судаарыстыбатынан буолар. Ону сэргэ ислам итэҕэллээх судаарыстыбаларга сиринэн-­уотунан киэҥинэн, экэниэмикэтинэн инники күөҥҥэ иһэр.

Израиль бэйэтин автономиятын 1948 сыллаахха ылыммыта, оттон Иран ислам өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн 1979 сыллаахха Ислам Өрөспүүбүлүкэтэ дэммитэ. Бу сылга диэри дойдулар бииргэ үлэлэһэр судаарыстыбалар быһыытынан сылдьыбыттара. Ол эрээри 80-с сыллартан орохторо атан, сыһыаннара сыыйа тымныйан барбыта. 1982 сыллаахха Ливан сэриитигэр аан бастакытын утарыта турбуттара. Уонна күн бүгүҥҥэ диэри тутуһан көрө сылдьаллар.

Билигин Палестина уонна Израиль атааннаһыытыгар Иран ХАМАС диэки буолан, Газа куораты көмүскэһэр. Онон бу боппуруос Израиль уонна Иран сыһыаннаһыыларыгар быһаччы дьайа турар. Билэргит курдук, ХАМАС байыаннай түмсүү 2005 сылтан Газа куорат тулатын бас билэн олорор. Бу түмсүү Ирантан уонна Катартан үбүлэнэр диэн этэллэр. 2008 сылтан Израиль Газа куоракка араастаан саба түһэ сатаабыта. Былырыын алтынньыга ХАМАС бэйэтэ Израильга илиитин көтөхпүтэ, ол түмүгэр Газа куоракка улахан сэрии саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан, итиннэ 33,8 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүтэ биллэр.

Израиль арҕааҥҥы уонна арааб дойдуларын ситимниир судаарыстыба курдук көстөр.

Саба түһүү

Иран Израильга тоҕо дроннарын, аракыаталарын ыыталаата? Төрүөтэ биир. Муус устар 1 күнүгэр Израиль Иран Сирияҕа Дамаск куоракка баар посольствотын ытыалаабыта. Манна 16 киһи өлбүтэ, ол иһигэр Иран сэриитин хамандыыр­дара. Иран бу быһыы дойдулар икки ардыларыгар түһэрсиллибит дуогабардарын кэһэрин, Израильга эппиэттэ­һиэҕин туһунан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр иһитиннэрбитэ. Ол эрээри тута хоруйу ылбакка, муус устар 13 күнүгэр Израильга дроннарын, аракыаталарын ыыталаабыта. Израиль прессата иһитиннэрэринэн, барыта 300 көтөр аппараат кэлбит. Мантан 99 бырыһыанын Израильга тириэр­дибэккэ эрэ суулларбыттар. Манна Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Великобритания, Франция уонна Иордания сөмөлүөттэрэ үлэлээбиттэрэ билиннэ. Өскөтүн АХШ, Великобритания, Франция Израильга көмөлө­һөллөрө өйдөнөр буоллаҕына, Иордания, ислам дойдута буолан туран, тоҕо утары барда?

Илиҥҥи дойдуларга өссө биир уоту күөдьүтэн таһаарыы хайа да судаарыстыбаҕа туһаны аҕалбат.

Иордания Сирияны, Ирагы, Саудовскай Аравияны, Израили, Палестинаны кытары атахтаһа сытар дойду. Нэһилиэнньэтин 60 бырыһыана Палестинаттан төрүттээх. Онон Газа сэриитигэр Израиль диэки буоларын быһаччы көрдөрбүтэ сэрэхтээх. Иордания тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниис­тирэ Айман Хусейн Абдалла ас-Сафади Иран да, Израиль да өттүттэн кэлэр байыаннай дьайыылары утарабыт, бохсо­бут диэн иһитиннэрэн турар. Ол эрээри манна биири өйдүүр наадалаах, Иордания Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Англияны кытары үгүс боппуруоска бииргэ үлэлэһэр. Ол иһигэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга эмиэ. Онон бу дойдулар тылларыттан тахсыбатыгар сөп.

Израиль эппиэттэһиэ дуо?

Израиль, биир өттүнэн көрдөххө, арҕааҥҥы уонна арааб дойдуларын ситимниир судаарыстыба курдук көстөр. Ол эрээри аан дойду бэчээтигэр Америка Холбоһуктаах Штаттара Израили арааб дойдуларыгар биир сүрүн оруолу ылар судаарыстыба быһыытынан оҥоро сатыырын суруйбуттара ыраатта. Кэтээн көрдөххө, Европаҕа чугас сытар илиҥҥи дойдулартан Иран арҕааҥҥы дойдуларга бас бэриммэккэ олорор. Онон бу чааһыгар Иран Израиль ба­­йыаннай чаастарыгар туһулаан бэйэтин дроннарын, аракыаталарын ыыталаан, Израильга эрэ буолбакка, арҕааҥҥы дойдуларга хоруйдаата.

Онуоха Израиль маны таах хаалларыам суоҕа, эппиэттэ­һиэм диэн эппитэ. Билиҥҥитэ туох да биллибэт. Америка Холбоһуктаах Штаттара да өскөтүн Израиль эппиэттэһэр түгэнигэр көмөлөспөтүн туһунан эрдэ иһитиннэрэн турар. Ираҥҥа АХШ араас хааччаҕы киллэрэрин туһунан иһитиннэрдэ. Иран бэрэсидьиэ­нэ Эбрахим Раиси Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа иһитиннэрбитинэн, Иран атааннаһыыны өссө күөртүүр санаата суох.

Икки дойду лиидэрдэрин кэпсэтиитэ

Иран салайааччыта Эбрахим Раиси муус устар 16 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэ­нэ Владимир Путины кытары төлөпүөнүнэн кэпсэппитэ. Бу туһунан бэрэсидьиэн пресс-сулууспата суруйар. Онно Владимир Владимирович Иран да, Израиль да эрэгийиэҥҥэ алдьархайы таһаарбат гына быһаарыныыны ылыныахтарыгар эрэнэрин иһитиннэрдэ. Эбрахим Раиси Израильга эппиэт быһыытынан күһэллэн дроннары ыыппыттарын эттэ уонна салгыы бэйэтэ да ты­­ҥаан турар сыһыаны Иран салгыы күүркэппэт санаалааҕын бэлиэ­тээтэ.

Иран уонна Израиль атаан­наһыылара Палестина (ХАМАС), Израиль атааннаһыыларыттан тахса турарын икки дойду салайааччылара иккиэн бэлиэтээтилэр. Манна Арассыыйа уонна Иран биир санаалаахтар. Газа куорат тулатыгар сэриилэһии тохтуох­таах, олохтоохторго ас-үөл тии­йиэхтээх, икки дойдулар кэпсэ­тиини ыыталларыгар усулуобуйа оҥоһуллуохтаах.

Онон бу түгэҥҥэ Арассыыйа уонна Иран арҕааҥҥы дойдуларга биир санаалаахтарын көрдөрдүлэр. Ол эрээри илиҥҥи дойдуларга өссө биир уоту күөдьүтэн таһаарыы хайа да судаарыстыбаҕа туһаны аҕалбат.

Хаартыска: DZEN.RU УОННА HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/1223321

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

8 часов ago