Европаттан чугас сытар илиҥҥи дойдуларга күһэҥэ быата субу быстыах айылаах түгэннэрэ буолуталаан эрэллэр. Сонуннартан истэ олороҕут, Газа куорат эҥээрин салайан олорор ХАМАС диэн бөлөх салайааччыта Ираҥҥа ыалдьыттыы кэлэ сырыттаҕына, Израиль бөлөҕө (сонуннарга суруйалларынан) өлөрөн, бэйэтэ да чарааһаан турар быаны өссө кэбирэттэ. Ол тугунан диэлийэн тахсыаҕай?
ХАМАС – Палестина уонна Израиль атааннаһыыларын түмүгэр тэриллибит байыаннай аҥаардаах түмсүү. 2006 сылтан Газа куораты уонна кини тулатын бас билэн олорор. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Газа куорат эҥээрин барытын түмэ тардан Сектор Газа диэн ааттыыллар. Сиринэн-уотунан олус кыра, баара-суоҕа 363 кв м диэн этэллэр. Төһө да кыра сиринэн тайаан сыттар, нэһилиэнньэтэ икки мөлүйүөҥҥэ тиийэ сылдьыбыттааҕа. Билиҥҥи туругунан, сэрии кэмигэр Газаҕа өлбүт киһи ахсаана 40 тыһыынчаҕа тиийбит, эчэйбит киһи ахсаана 90 тыһыынчаттан тахсыбыт диэн “Анадолу” ааҕыныстыба суруйар.
Газа куорат бэйэтэ олус баай устуоруйалаах. Манна киһи аймах олохсуйбута биэс тыһыынчаттан тахса сыл буолбут диэн устуоруктар бэлиэтииллэр. Араас үйэлэргэ римляннэр, еврейдэр, самаритяннар, арабтар, палестиннар, о.д.а. омуктар олорбуттара биллэр. Рим, Византия, Осман империятын, Египет, Турция, Палестина састаабыгар киирэ сылдьыбыта. Ол туоһутунан, холобур, Газаҕа аан дойду үрдүнэн биллэр биир түҥ былыргы христианскай манастыыр баар.
ХАМАС түмсүүнү Израильга, Канадаҕа, Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар, Японияҕа, Новай Зеландияҕа, Аргентинаҕа, ону сэргэ Европа сойууһугар, Америка судаарыстыбаларын түмсүүтүгэр террористическэй түмсүү диэн этэллэр. Ол эрээри Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ, ону таһынан, Арассыыйа, Иран, Кытай, Норвегия, Турция, Кэриэйэ, Катар, Бразилия курдук хас да улахан судаарыстыбалар бу түмсүүнү бэйэлэрин дойдуларын көмүскүүр бөлөх быһыытынан билинэллэр.
Түмсүүнү 2006 сылтан Исмаил Хания диэн Палестина биир бөдөҥ бэлитиичэскэй диэйэтэлэ салайан олорбута. Салайааччы кириэһилэтигэр олороот да, кини тута Палестина уонна Израиль сөбүлэҥ суруктарын көрүөххэ, манна уларытыылары киллэриэххэ наада диэн эппитэ. Ол түмүгэр 2006 сылтан Сектор Газа уонна Израиль икки ардыгар саҕыллыбыт уот хаста да күөдьүйэ-күөдьүйэ умуллан испитэ. Былырыыҥҥыттан бу кыым улаатан, тэнийэн барбыта.
Исмаил Хания бөлөҕү салайар кэмигэр Арассыыйа, Турция, Палестина, о.д.а. дойдулар салайааччыларын кытары көрсөн кэпсэппитэ биллэр. Киин бэчээккэ Турциянан, Катарынан олорбута диэн суруйаллар. Манна даҕатан этиим, ХАМАС Ирантан, Катартан үбүлэнэн олорор диэн этэллэр. Ити, биир өттүнэн, өйдөнөр. Иран уонна Израиль сөпсөспөт боппуруостара элбэх. Израиль Средиземнай муораны кыйа сытар дойду буоллаҕына, Иран арааб дойдуларыгар сиринэн-уотунан да, бэйэтин былааһынан, экэниэмикэтинэн да уонна Каспийскай муораҕа, Индийскай акыйааҥҥа тахсарынан, Евразия биир тутаах судаарыстыбата. Палестина уонна Израиль атааннаһыытыгар Иран ХАМАС диэки буолан, Газа куораты көмүскэһэн, билигин бу икки дойдулар ардылара өссө атан биэрдэ.
Бу саас Израиль Иран Сирияҕа Дамаск куоракка баар посольствотын ытыалаабыта. Ити түмүгэр 16 киһи өлбүтэ, ол иһигэр Иран сэриитин хамандыырдара. Биллэн турар, Иран манна хардарара эрэбил этэ. Хардатын өр кэтэһиннэрэ барбакка, тута дроннары, аракыаталары ыыталаабыта. Каартаҕа көрөҕүт, Израиль уонна Иран икки ардыларыгар хас да судаарыстыба баар. Онон кинилэр аракыатанан, дроннарынан эрэ харданы бэрсэр кыахтаахтар.
Биир өттүнэн көрдөххө, Израиль арҕааҥҥы уонна арааб дойдуларын ситимниир судаарыстыба курдук көстөр. Ол эрээри аан дойду бэчээтигэр Америка Холбоһуктаах Штаттара Израили арааб дойдуларыгар биир сүрүн оруолу ылар судаарыстыба быһыытынан оҥоро сатыырын суруйбуттара ыраатта. Кэтээн көрдөххө, Европаҕа чугас сытар илиҥҥи дойдулартан Иран арҕааҥҥы дойдуларга бас бэриммэккэ олорор. Онон бу чааһыгар Иран Израиль байыаннай чаастарыгар туһулаан бэйэтин дроннарын, аракыаталарын ыыталаан, Израильга эрэ буолбакка, арҕааҥҥы дойдуларга хоруйун быһыытынан сыаналыахха сөп.
Аны туран, ыам ыйыгар Иран бэрэсидьиэнэ Эбрахим Раиси бөртөлүөт саахалыгар түбэһэн өлбүтэ. От ыйыгар ыытыллыбыт быыбарга Иран бэрэсидьиэнинэн Масуд Пезешкиан диэн парламент бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, доруобуйа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбит бэлиитик талыллыбыта. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саҥа бэрэсидьиэни эҕэрдэлээн, тэлэгирээмэ ыыппыта. Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин эрдэ Эбрахим Раисины кытары Газа куоракка тахсыбыт быһыы-майгы туһунан хаста да кэпсэтэн турар. Икки дойду салайааччылара Газа куорат тулатыгар сэриилэһии тохтуохтаах, олохтоохторго ас-үөл тиийиэхтээх, икки дойдулар кэпсэтиини ыыталларыгар усулуобуйа оҥоһуллуохтаах диэн биир санааҕа кэлэн тураллар. Ону таһынан, бэрэсидьиэн Раиси Иран бу атааннаһыыга кыттыһар санаата суоҕун туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри Израиль билигин хас да дойдуну кытыараары, араас ньыманы барытын туһанан эрэр.
От ыйын 31 күнүгэр Иран саҥа бэрэсидьиэнэ Масуд Пезешкиан сүрэхтэниитигэр ХАМАС түмсүүтүн салайааччыта Исмаил Хания кэлэн, быстахха былдьанна. Кини олорор дьиэтин тоҕо тэптэрбиттэрэ. Киин бэчээккэ суруйалларынан, бу түгэн кэнниттэн Израиль Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар Исмаил Хания өлүүтүгэр биһиги кыттыгастаахпыт диэн тута иһитиннэрии ыыппытын туһунан суруйбуттара. Исмаил Хания өлөрүллүбүтүн хас да дойду сэмэлээтэ. Ол иһигэр Арассыыйа, Кытай, Турция, Египет, о.д.а. дойдулар. Атырдьах ыйын 6 күнүгэр ХАМАС салайааччытынан Яхья Синвар диэн түмсүү отделениетын биир лиидэрэ киһи талыллыбыта. Саҥа салайааччы туох диэн тыллаах-өстөөх киһи буолар?
Онон илиҥҥи дойдуларга ыстаал кытарарын курдук быһыы-майгы сытыырхайда. Бу күннэргэ Израиль, Иран ыаллаһа сытар дойдулара Египет, Иордания, Катар, Саудовскай Аравия Иран уонна Израиль сыһыаннаһыыларыгар кыттыспаппыт диэн Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар биллэрдилэр. Бу иннинэ Иордания Америка дьаһалынан, Иран ыыппыт дроннарын сабыта тутууга үлэлэспитэ. Онон билигин Иран Израильга хардатын аан дойду барыта кэтээн олорор.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…