Салгыы
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 40-тан тахса дойду кыттыаҕа

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 40-тан тахса дойду кыттыаҕа

Ааптар:
29.08.2024, 10:00
Хаартыска: «Росконгресс» пуондата
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 40-тан тахса дойду кыттарын бигэргэттэ.

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Владивосток куоракка бу сыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Уһук Илиҥҥи федеральнай университет былаһааккатыгар буолуоҕа. Пуорум тэрийээччитэ — «Росконгресс» пуондата.

«Билиҥҥи туругунан пуорумҥа бэйэтин кыттыытын 4200-тэн тахса киһи уонна 40-тан тахса араас дойду бигэргэттэ. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум бүгүн Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэҥҥэ стратегическай уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ биир сүрүн суолталаах дьыалабыай былаһаакката буолар. Пуорумҥа туһаныллар мэхэньииһимнэр  макроэрэгийиэн сайдыытын секторын быһаарар уонна Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэнин судаарыстыбаларын интэриэстэригэр быһаарыыны ылыныы биир сүрүн киининэн ыстаатыһын олохтуур. Пуорум Уһук Илин сайдыытыгар эмиэ улахан сабыдыаллаах. Инвестордар пуорумҥа уокурук субъектарын кыахтарын кытта билсэллэр, бастатан туран, аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй кооперациятын территорияларынан буолаллар. Бу барыта Уһук Илин эрэгийиэн олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ быһаччы дьайар», — диэн дойду Бэрэсидьиэнин сүбэһитэ, пуоруму бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга тэрийэр кэмитиэт эппиэттээх сэкирэтээрэ Антон Кобяков бэлиэтиир.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: