Илиҥҥи остуоруйа дойдутугар – Узбекистаҥҥа (видео)
Суруналыыстар үгэскэ кубулуйбут аан дойдутааҕы пресс-турдара, ол эбэтэр быйылгы VII пресс-тур Илиҥҥи остуоруйа дойдутугар Узбекистаҥҥа ананна. Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, аан дойдутааҕы пресс-тур ааптара Галина Бочкарева салайааччылаах 12 киһилээх бөлөх балаҕан ыйын 23 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри айана сарсыарда 6 чаастан Новосибирскайга көтүүттэн саҕаланна.
Ити күн Новосибирскай аэропорда Толмачевоҕа тиийээт, күнүс 13.30 чааска Ташкент куоракка баар буоллубут. Эрдэттэн сакаастаабыт Көстүүнэй дьиэбитигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр. Аны биһигини бу күннэр устата халлаан күөҕэ өҥнөөх куполлаах мечеттэр, медреселар, араас былыргы ойуулаах, мозаикалаах дыбарыастар уонна халлааҥҥа харбаһар минареттар күүтэллэрин билэр буолан, долгуйабыт уонна олус астынабыт. Ону таһынан Узбекистан билигин сайдыылаах инфраструктуралаах, хлопогы аан дойдуга таһаарар, көмүһү уонна айылҕа гааһын хааччыйар улахан бырамыысыланнай эрэгийиэнинэн уонна сайдыы суолунан айанныыр эдэр судаарыстыба буолара интэриэһи үөскэтэр. Кэлбит киэһэбитигэр тута икки этээстээх оптуобуһунан экскурсияҕа кыттыһан, ааспыт кэм тохтоон хаалбыт курдук дьикти сирин, а.э. былыргы уонна билиҥҥи олох силбэспит, элбэх номоҕу илдьэ хаалбыт Ташкент куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин көрөн дуоһуйдубут.
Самаркаҥҥа
Сарсыныгар эрдэ туран, сып-сап хомунан, буойаһынан Илиҥҥи дойду чөмчүүгүнэн аатырар Самарканд куоракка айаннаатыбыт. Түргэн сырыылаах «Afrosiyob» аныгы буойас буолан, 2 чааһынан начаас тиийдибит. Тимир суол вокзалыгар биһигини гидпит Шодиер Дониеров истиҥ мичээринэн көрүстэ. Хас биирдии күнү-дьылы күндүтүк саныыр уонна туһанарга кыһаллар туристар быһыытынан, киэһэ эмиэ киэһээҥҥи Самарканы көрөр түгэнтэн аккаастамматыбыт.
Сарсыныгар гидпит биһигини Самарканд кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн, ол иһигэр кумааҕы оҥорор фабрикаҕа, арыы ылыллар от үүнээйи (лен) дьоҕус фабрикатыгар уонна куорат баһаарыгар сырытыннарда. Кумааҕы фабрикатыгар сылдьар кэммитигэр Азербайджантан кэлбит эмчиттэр бөлөхтөрө биһиги оһуохайбытыгар киирэн кыттыстылар, үөрэ-көтө сэһэргэһэн, олус элбэх ыйытыыларыгар дойдубутун үөрэ-көтө билиһиннэрдибит.
Самарканд минньигэс лэппиэскэтэ
Шодиер Дониеров аймаҕа ыалын хаһаайката дьиэтигэр ыҥыртаан, узбектар ханна да буоллар киэн тутта илдьэ сылдьар пловтарын уонна тандыр оһоххо буһарыллыбыт ураты минньигэс лэппиэскэни астыырга маастар-кылаас көрдөрдө. Манна билбиппитинэн, куорат-куорат аайы пловтарын араастык астыыллар, чуолаан плов икки көрүҥүнэн күндүлүүллэр. Дьиэтээҕи саадтарын фруктатыттан дэлэйдик амсатан, дойдубутугар сэдэхтик сиир күндү фрукталары (араас эриэхэ, миндаль, арахис, гранат, кишмиш уо.д.а.) астына амсайан, фрукта баһаарыгар барар баҕабыт күүһүрдэ. Фрукталара биһиэхэ курдук, куорат хас муннугун аайы атыылана турарын улаханнык көрбөтүбүт да буоллар, ас-үөл баһаарыгар тиийэн, күн дэлэйин барытын кэриэтэ амсайдыбыт. Гидпит сүбэлээбитинэн, манна атыыһыт эппит сыанатыгар тута сөбүлэстэххинэ, хомойуохтарын сөп эбит, онон төһө баҕарар түһэрсиэххэ, мэнэйдэһиэххэ сөп. Оттон самарканнар лэппиэскэлэрэ Узбекистаҥҥа биир бастыҥнара – ыйааһыннаах уонна өр хараллар. Уопсайынан, лэппиэскэни ханнык баҕарар кафеҕа, эрэстэрээҥҥэ киирдиҥ да, остуол ортотугар хайаан да уураллар. Аны буойастарга, тимир суол вокзалларыгар атыылыыр биир сүрүн астара эбит. Кыра оҕотуттан саҕалаан, ханна баҕарар лэппиэскэ «мотуйа» сылдьалларын көрөн, кэлин соһуйбат да буоллубут (тус бэйэм оҕо сылдьан көрбүт «Ташкент – город хлебный» киинэ мээнэҕэ уһуллубатаҕын өйдөөн кэллим). Аны буойаска айаннаан кэлбит узбек эдэркээн уолаттара биһигини эмиэ лэппиэскэ кэһиилээн ыыттылар.
Регистан болуоссат
Самаркаҥҥа кэлбит киһи куорат тэбэр сүрэҕинэн аатырар Регистан (кумахтаах сир) болуоссатын быһа хаампат. ХIII үйэҕэ монголлар күүһүнэн киириилэрин быдан иннинэ илиинэн уһаныы уонна эргиэн киинин быһыытынан тэриллибитэ. Самарканд куорат 1925-1929 сылларга Узбекистан Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ киининэн буола сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ.
Регистан болуоссатыгар Самарканд куораты 40 сыл устата салайбыт, Тамерлан сиэнэ Мирза Улугбек, Тилля-Кари уонна Шер-Дор медреселара бааллар. Медресе – аҕабыт аймаҕы, судаарыстыбаннай сулууспалаахтары уонна учуонайдары бэлэмниир мусульманнар үөрэхтэрин тэрилтэлэрэ. Шодиер Дониеров эппитинэн уонна бэйэбит да көрөн итэҕэйбиппитинэн, Регистаҥҥа күҥҥэ кырата иккитэ: күнүс уонна киэһэ сылдьыллыахтаах. Кырдьыга да, араас өҥнөөх, муусука доҕуһуоллаах олус кэрэ көстүүттэн, этэргэ дылы, тылбытыттан маттыбыт. Улуу тутууларга иһирдьэ киирэн, үрдүккэ тахсан, гидпит киһини умсугутар кэпсээниттэн куорат былыргы устуоруйатын сиһилии билистибит.
Ааспыт устуоруйаны кэрэһэлиир ханнык баҕарар болуоссакка сырыттыҥ да, манна хайаан да атыы-эргиэн эрээттэрэ, кырачаан маҕаһыыннара олус кичэллээхтик, кыһамньылаахтык дьаһанан олохсуйбуттар. Онон устуоруйа кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн сылдьар кэмҥэр ускуустуба айымньыларын, быдан дьыллартан кэлбит илии оҥоһуктарын (ыга таптайыы, туой, тимир оҥоһуктар, дамасскай ыстаалтан оҥоһуллубут быһахтар, дьиҥнээх солко таҥастар, көбүөрдэр. түбүтүөйкэлэр уо.д.а. ювелирнай оҥоһуктар) хайаан да билсэҕин уонна атыылаһаҕын. Сорох сирдэргэ ону анаан-минээн оҥорон көрдөрөллөр. Биһиги хараҕын баанан олорор киһи туойтан купсууну оҥоро олороругар түбэстибит. Тоҕо хараҕын баанна? Ол эбэтэр илиинэн оҥоһук маастара көрөр дьолтон матар да түбэлтэтигэр илиитин иминэн хаһан баҕарар идэтин салҕыы илдьэ сылдьар, мэлдьи наадалаах идэ диэн этэллэр эбит. Баҕар, туристарга да анаан буолуо, национальнай таҥастары, сувенирдары, омук күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит былыргы иһиттэрин, туттар тэриллэрин атыылыыр сирдэрэ манна дэлэй. «Үйэлээх куорат» диэн ааттанар кэрэ-бэлиэ болуоссакка сахалыы таҥаспытынан сылдьан, олохтоохтор уонна туристар харахтарын далыгар киирдибит.
Суруналыыстар пресс-турдарыгар хаһыс да сылын сылдьыһар суруналыыс Марта Николаева сахалыы алгыһынан, оһуокайынан кэрэхсэтэр. Бу да сырыыга Марта Николаева оһуохайа Илиҥҥи дойду дьонун кэрэхсэбиллэрин ылла. Регистаҥҥа биир дьахтар биһиги тэтиммитигэр олорсон, уолун мусукаалынай үнүстүрүмүөнүгэр (хомус) оонньоон иһитиннэригэр көрдөстө. Бөлөх кыргыттара эмиэ кинини кытары хомуска тэҥҥэ оонньообуттарыгар олус үөрэн, араас сувениры бэлэх уунна. Уопсайынан, узбектар туристары аан бастаан соһуйбут харахтарынан көрөн баран, билсэн-көрсөн бардахтарына олус аламаҕайдарын, аһаҕастарын, дьэллэмнэрин бэлиэтии көрдүбүт. Биһиги сылдьыбыт кэммит туристарга саамай табыгастаах кэм буолан эбитэ дуу, тас дойдулартан биһиги курдук сынньана сылдьар дьон (европеецтар, казахтар, индустар, туроктар, кытайдар уо.д.а.) олус элбэх.
Бухараҕа
Сарсыныгар биһигини поэзия уонна остуоруйа куората Бухараҕа (алгыстаах куорат) айан күүппүтэ. Самаркантан буойаһынан икки эрэ чаас курдугунан олус күүтүүлээх, күннээх куораппытыгар баар буола түстүбүт. Гидпит Акбар Балтобоев көмөтүнэн “Бухара – Илин чөмчүүгэ» эскурсияҕа сырыттыбыт. Бухара биир уратытынан V үйэттэн саҕалаан, күн бүгүҥҥэ диэри биир сиргэ улаатара уонна сайдара буолар (шахристан). Үрдүк дыбарыастардаах, мэлдьи күөх турар саадтардаах куорат киининэн Арк кириэппэс буолар, манна баһылыктар уонна кинилэр чугас дьонноро олорбуттар. Билигин даҕаны кириэппэс иһигэр куоракка ыаллар (баҕар, үлэһиттэр) олороллорун соһуйа уонна ымсыыра да көрдүбүт. Киэһэ сип-синньигэс былыргы кирилиэһинэн куорат саамай үрдүк истиэнэтигэр -– цитаделига тахсан, былыргы куораты үрдүк чыпчаалтан одуулаан уонна күн киириитин астына көрөн (бу экскурсия былааныгар киирэр эбит) олус дуоһуйдубут. Хаартыскаҕа түһэрэр аппараатын наар сүгэ сылдьар суруналыыспыт, «Три кувшина» уус-уран кинигэ ааптара Сардаана Сивцева-Саяна манна хас биирдиибитин уратытык түһэрэн, умнуллубат бэлэҕи оҥордо.
Билигин Бухара куорат Илиҥҥи дойдулар култуурунай кииннэринэн аатырар. Манна улуу учуонайдар, былыргы өйдөөхтөр уонна бэйиэттэр олорбуттара уонна айбыттара-туппуттара. Бухара курдук мусуой-куорат былыргы кэми кэрэһэлиир 140 архитектура пааматынньыктаах. Бухара — былыргы дыбарыастарын уонна мечеттэрин, мавзолейдарын уонна минареттарын аан дойду дьоно бары сөҕө-махтайа көрөр куората. Ол да иһин, бу куорат 1991 сыллаахха ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтигэр киирбитэ элбэҕи этэр.
Манна сүдү устуоруйалаах эбийиэктэрин устуоруйа пааматынньыгын эрэ курдук буолбакка, туристары тардарга араас тэрээһини ыыталлар. Биһиги киэһэ «Ляби-Хауз ансаамбыл» чугаһынааҕы кэрэ-бэлиэ сиргэ аһаҕас халлаан анныгар шоу-кэнсиэркэ сылдьар дьоллоннубут. Манна муусукаан эр дьон араас үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуулларын доҕуһуолунан кэрэчээн кыргыттар омуктарын үҥкүүтүн, билиҥҥи муоданы көрдөрдүлэр. Ама бу кэнниттэн ыалдьыттыы сылдьар дойдуҥ ускуустубатыгар, устуоруйатыгар хайдах сүгүрүйбэт буолуоҥуй?Узбекистаҥҥа кэлбит туристар сүрүннээн Ташкент, Самарканд, Бухара куоратынан айаннара түмүктэнэр эбит буоллаҕына, салайааччыбыт Галина Бочкарева талбыт маршрутунан салҕыы айанныахтаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, гидтэрбит кини олус сөптөөх уонна табыгастаах маршруту талбытын, буойастарга айаны, хонор сирдэри, экскурсиялары олох эрдэттэн сакаастаабытын сөхпүттэрин уонна биһирээбиттэрин кистээбэтилэр.
Биһигини аны Фергана, Ургенч, Хива, Маргилан, Риштан, Коканд, Кува куораттар устуоруйалаах миэстэлэринэн айан күүппүтэ.
Гидтэрбитигэр табылынныбыт
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги тиийиэхтээх куораппыт ахсын эрдэттэн дуогабардаспыт гидтэрбит ытыстарын үрдүгэр түһэрэн истилэр. Бары даҕаны дойдуларын, куораттарын устуоруйатын дириҥник билэр уонна таптыыр, көрү-күлүүнү дьүөрэлээн киһини умсугутар кэпсээннээх, хас да омук тылын билэр, быһата, идэлэрин олус таптыыр, үрдүк култууралаах гидтэр түбэһэн бэркэ табылынныбыт. Наар омуктарын тылынан эрэ кэпсэтэр бу куораттарга бэл, кинилэр нууччалыы ыраас саҥалара биһиэхэ өссө чугас буолан иһилиннэ (сорох эдэр ыччат нууччалыы билбэтин, өйдөөбөт курдук туттарын бэлиэтии көрдүбүт). Биир түгэҥҥэ бэйэлэрэ эрэ сылдьар Арассыыйа туристара биһиги гидпит арыаллыы, кэпсии-ипсии сылдьарын кэрэхсээн, биһигиттэн көҥүллэтэ-көҥүллэтэ бөлөхпүтүгэр кыттыспыттара. Ону сэргэ «Кыым» хаһыат суруналыыһа Саргылана Багынанова Узбекистаҥҥа өр сыл олорон, кинилэр тылларынан олус холкутук кэпсэтэн, олохтоох дьону улаханнык астыннарда. Саргылана төрөппүт кыыһа Иваннатын илдьэ баран, биһиэхэ элбэхтик сүбэ-ама, күүс-көмө буолбуттарыгар бары да олус махтанныбыт.
Гидпит Vaisov Bobojonboy (Бабаджан) “Магия древней Хивы” билиһиннэрэр экскурсияҕа сырытыннарда. Кини кэпсээбитинэн, Ургенч, Хива өлгөм хлопогунан, минньигэс гранатынан уонна кэрэ кыргыттардааҕынан уратылаахтар. Кырдьыга да, буойаһынан айаннаан иһэн көрдөххө, хлопога, фрукталаах үүнээйилэрэ, кукурузалара уонна уулара элбэҕэ харахха быраҕыллар.
Манна эмиэ икки күн сылдьан баран, Ферганаҕа Маргилан куоракка буойаһынан 20 чаас айаннаан тиийиэхтээхпит. Бу иннинэ буойастарынан 1,5-2 чаас айаннаабыт буоллахпытына, бу сырыыга түүҥҥү уубутун буойаска утуйдубут. Олохтоох дьону, айанньыттары кытары кэпсэтэн-ипсэтэн айаммыт уһунун билбэккэ хааллыбыт. Сарсыарда олох эрдэ 6 чааска Маргилан куоракка кэллибит. Биһигини гидпит Сардорбек «Фергана мыраанын быһа ааспыккыт буоллар, Узбекистаҥҥа сылдьыбатах кэриэтэ сананыа этигит», -– диэн үөрэ-көтө көрүстэ. Бары гидтэр курдук, Сардорбек куоратын уратытын бэлиэтээтэ: Маргилан куурусса уонна килиэп куората диэн суолталаах уонна көрү-күлүүнү кэрэхсиир дьонноох куоратынан ааттыыллар. Киһи аймах сайдыытын устуоруйатыгар ураты феноменынан буолбут – Европаны уонна Азияны сибээстээбит Улуу солко суола Маргиланынан ааһара. Маргиланы Киргизия тулалаан олорор (хайалара ыраахтан көстөллөр).
Бу куоракка ханнык баҕарар турист курдук, солко таҥас оҥорор фабрикаҕа уонна маҕаһыыныгар сырыттыбыт. Манна солко хайдах өрүллэрин, хайдах таҥас буолан тахсарын көрдүбүт. Үлэ хас биирдии түһүмэҕин туристарга көрдөрөллөр, ол кэнниттэн дьэ, Маргилан күндү солкотутуттан, хлопогуттан тигиллибит мааны таҥастары төһө баҕарар атыылаһыаххын сөп.
Нэһилиэнньэтин ахсаана кэлии дьон суотугар буолбакка, төрөөһүн элбээһининэн эбиллэллэр эбит. Фергана мырааныгар 14 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор.
Ташкеҥҥа эргиллии
Алтынньы 2 күнүгэр ССРС саҕана Москва, Ленинград, Киев кэнниттэн төрдүс улахан куоратынан биллибит Ташкент куораппытыгар кэллибит. Куорат кэрэ-бэлиэ сирдэринэн, маҕаһыыннарынан, ырыынактарынан сылдьарга көҥүл бириэмэлэннибит. Күнүс Ташкент киинэ былыргы куорат курдук буоллаҕына, киэһэ уот-күөc күлүмүрдүү оонньоотоҕуна, Европа аныгы куоратыгар кубулуйа түһэр. Дьиктитэ диэн, Узбекистаҥҥа пресс-турбут тухары бэйэбин олох атын омук сиригэр сылдьар курдук санана сырыттым.
Сарсыныгар аатырбыт Чимган хайаларыгар, Ташкент уобалаһын хоту өттүгэр баар Чарвак водохранилищеҕа анаан-минээн тиийэн, Узбекистан ийэ айылҕатын билистибит. Гидпит Жалол Абдусалямов айан устата сотору-сотору массыынатын тохтотон, үүнэн турар грецкэй эриэхэ, дьаабылыка хомуйтаран, оҕолуу үөрдүбүт. Тянь-шань сис хайаларын кэрэтин дуоһуйа көрдүбүт, хаартыскаҕа түстүбүт.
Биллэр-көстөр урбаанньыт Швейцария, Кытай фирмаларын кытары 2019 сыллаахтан тута сылдьар «Амирсой» диэн хайа куоратыгар кэлэммит, фуникулерынан 2290 миэтэрэ усталаах Майгошкам үрдэлгэ тахса сырыттыбыт. Хайа сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынан, хайа быыһыгар олохсуйан эрэр сабыс-саҥа санаторийдары сэргии көрдүбүт. Арааһа, путевканан дуу, бэйэҥ дуу бу санаторийдарга кэллэххинэ, Фергана мыраанын уонна чугастааҕы куораттарга хайаан да сырытыннарар, билиһиннэрэр буолуохтаахтар. Туризм эмиэ биир кэскиллээх сирэ эбит. Манна хорсун айанньыттарбыт: Ольга Корякина-Умсуура уонна Марина Платонова-Хомпорууна парапланынан кый үөһээ көтөн сөхтөрдүлэр.
Киэһэ национальнай куукуналаах эрэстэрээҥҥэ сылдьан, дьэ бу күннэр тухары ыалдьыттаабыт, ис сүрэхпититтэн таптаабыт дойдубут үгэс буолбут күндү астарын тото-хана амсайдыбыт, тыыннаах муусуканы истэн дуоһуйдубут.
Алтынньы 5 күнүгэр Новосибирскайга көтөн кэлэн, үс чаас сынньана түһэн баран, Дьокуускай куораппытыгар саҥа түспүт кырыа хаарбытын үөрэ-көтө көрүстүбүт.
Тэттик бэлиэтээһиннэр:
-Оҕо, эдэр сааһым ырата буолбут Узбекистан куораттара олус ыраастарынан (ханна да бөх-сах тоҕулла, ыһылла сытарын көрбөккүн), күөх үүнээйилэрэ элбэҕинэн (дьиҥэр, бэйэлэрэ хомойо этэллэринэн, куорат улаатар буолан, сылтан сыл аайы аҕыйаталлар эбит) сөхтөрдүлэр. Дьоно-сэргэтэ эйэҕэстэр, тугу эмэ ыйыттахха, хайаан да көмөлөһө сатыыллар. «Төһө да атын итэҕэллээхпит иһин, аймахтыы омуктарбыт» диэн үөрэллэр. 15 өрөспүүбүлүкэ буолан сомоҕолоһон, эйэ дэмнээхтик олорбут сэбиэскэй кэммитин олус чугастык ахталлар.
— Сүрүн тырааныспартара — буойас уонна, эмиэ биһиэхэ курдук, Яндекс эбэтэр Индрайвер сулууспалар таксилара. Ыҥырдыҥ да, түргэнник кэлэллэр. Ол эрээри, бүтэһик күммүтүгэр Чорду ырыынактан бараары хас да такси кыайан булан кэлбэтэ. Аны массыыналара олус кыралар, элбэх малгын-салгын кыайан симмэккин. Узбекистаҥҥа элбэх омук массыыналарын хомуйар бэйэлэрэ собуоттаахтар. Онон үксүн “Шевроленан” айанныыллар. Сэбиэскэй “Жигулилары”, “Москвичтары” эмиэ көрүөххэ сөп.
-Сөмөлүөппүт, буойаспыт ороскуотун барытын эрдэттэн биһиги харчыбытынан төлөөбүт буоллахпытына, манна кэлэн туттар харчыбытын, гостиницаларбыт, экскурсияларбыт төлөбүрдэрин кинилэр харчыларыгар сумҥа (сом) көһөрдүбүт. Дьокуускайтан долларга уларыппакка, Узбекистаҥҥа Арассыыйа харчытын тута сумҥа уларытыахха эмиэ сөп (олус элбэх кумааҕы харчылана түһэҕин). Бааннар эбэтэр уларытар дьон өҥөтүнэн туһанаҕын. Терминаллара биһиги харчыбытынан ханнык да эпэрээссийэни оҥорботтор, онон өрөспүүбүлүкэбитигэр табыгастаахтык туһанар карточкаларбытын быстах кэмҥэ суохтуу быһыытыйдыбыт.
-Узбекистан ыраахтан-чугастан туристар тоҕуоруһар дойдулара буолбут. Онуоха сүбэлээн этэллэринэн, сайын өҥүрүк куйааһынан уонна кыһын сииктээҕинэн сибээстээн, туристарга айанныырга, сынньанарга табыгастаах кэмнэринэн күһүн (балаҕан, алтынньы, сэтинньи ыйдара) уонна саас (олунньу, кулун тутар, муус ыйдара) буолаллар.
( видео: Куукула маастарын мастарыскыайыгар)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: