ВЭФ-2024: Пуорумҥа Саха сиригэр пилота суох көтөр тиһик киинин үлэтин туһунан кэпсээтилэр

Share

Саха сиригэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баазатыгар тэриллибит пилота суох көтөр тиһик киинэ Арктика территорияларыгар ыччаты үөрэтиини тэрийэр.

Бу туһунан ХИФУ ректора Анатолий Николаев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа (ВЭФ) иһитиннэрдэ.

«Киин Арктика зоналарыгар пилота суох көтөр тиһиги сайыннарыыга болҕомтотун уурар. Ыччакка бу салааны тарҕатыыга Дьааҥы улууһугар оскуола үөрэнээччилэригэр конструкциялааһын, салайыы уонна бырагыраамалары ырытан оҥоруу хайысхаларынан куурустар ыытыллыбыттара. Балаҕан ыйыгар Анаабыр улууһугар исписэлииһи ыытарга былаанныыбыт», — диэн Анатолий Николаев кэпсээтэ.

Саҥа киин аһыллыаҕыттан пилота суох көтөр аппарааттары үөрэтиигэ факультативнай-практическай дьарыктары ыыталлар. Идэни үрдэтэр куурустары эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар  уонна Саха сирин олохтоохторугар тэрийэллэр. Киини тэрийии бырайыага университет сайдыытыгар куонкуруска кыайыылаахтартан биирдэстэрэ буолбута. Бырайыак «Приоритет-2030»г судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн өйөбүлү ылбыта.

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум бу сыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһун былаһааккатыгар ыытыллар. Пуорум сүрүн тиэмэтэ — «Дальний Восток-2030. Объединим усилия, создавая возможности».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago