Илиҥҥи Саҥа дьылы көрсүү үгэстэрэ

Share

Олунньу 10 күнүттэн Илиҥҥи Саҥа дьыл саҕаланар. Бу саҥа Ый төрүүр күнүттэн Луо (Дракон) сыла саҕаланар. Илиҥҥи омуктар бу Саҥа дьыл саҕаланар күннэрин аптаах-абылаҥнаах диэн ааттыыллар, араас туомнары толороллор, оччоҕо сылбыт үчүгэйдик ааһыа диэн итэҕэйэллэр. Дьэ, тугу гынар эбиттэрий?

Хаартыска: Туту.ру

Кытайдар Саҥа дьылларын 15 күн устата бырааһынньыктыыллар. Тоҕо диэтэххэ, бу бастакы 15 күнү хайдах атаараҕын да, сылыҥ оннук ааһар диэн итэҕэйэллэр. Бастакы күн хайаан да төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр мусталлар. Оннооҕор атын дойдулартан анаан-минээн төрөппүттэригэр кэлэллэр.

Төрөппүттэр оҕолоругар кыһыл кэмбиэргэ харчы уган бэлэхтииллэр. Ону тэҥэ, бэйэ-бэйэлэригэр кыһыл сабынан баайыллыбыт манньыаттары бэлэхтэһэллэр. Бу сылга уйгуну-быйаҥы тартын диэн.

Куһаҕан тыыны үргүтээри фейерверктэри эһэллэр, тыаһыыллар-ууһууллар, дьиэлэри, уулуссалары кыһыл өҥүнэн киэргэтэллэр, баҕа санааларын этэн баран, халлааҥҥа банаардары көтүтэллэр. Үҥкүүлүүллэр, үөрэллэр-көтөллөр.

Араас начыыҥкалаах бэлимиэни ууга буһаран, эбэтэр арыыга ыһаарылаан күндүлүүллэрин сөбүлүүллэр. Бырааһынньык остуолугар куурусса этэ баар буолар, тоҕо диэтэр, кытайдыы «куурусса» диэн тыл «дьол» диэн тылга маарынныыр. «Балык» диэн тыл «баат» диэн тылга маарынныыр, онон эмиэ остуолга уураллар.

Бу иннинээҕи күн хайаан да дьиэлэрин сууйаллар-сотоллор, эргэ таҥастарын, малларын быраҕаллар. Дьиэни буруолатан, о.д.а. ыраастанар туомнары оҥоруохтарын сөп.

Бырааһынньык иннинэ кытайдар саҥа атах таҥаһын атыыласпаттар, баттахтарын кырыйтарбаттар. Саҥа дьыл буолар түүнүгэр утуйбаттар, ол аата дьиэлэригэр ыарыыны, алдьархайы киллэрбэттэр.

Хаартыска: Туту.ру

Саҥа дьыл үүнүөн иннинэ иэс ылбыт харчыгын төннөрүөхтээххин. Бу күннэргэ саҥаттан иэс ылыа суохтааххын. Саҥа дьыл бырааһынньыгар  көмүһүнэн кылабачыйар кыһыл өҥнөөх таҥаһы кэтэр ордук.

Куукунаҕа, эбэтэр саалаҕа вазаҕа толору соҕус рис кутан баран, түгэҕэр кытай манньыаттардаах кэмбиэри ууруҥ. Бу ваза баайы-дуолу угуйа туруоҕа.

Кэргэнниилэр сулумах дьоҥҥо кыһыл кэмбиэргэ угуллубут харчыны бэлэхтээтэхтэринэ, бу сыл кинилэргэ быйаҥнаах буолуо.

Саҥа дьыл бастакы үс күнүгэр дьиэни хомуйуллубат, сууйуллубат, баттаҕы кырыйыллыбат. Саҥа атах таҥаһын атыылаһыллыбат. Этиһэр, кыыһырсар буоллахха, сылыҥ эмиэ оннук ааһыа.

Бу кэмҥэ ис сүрэххиттэн дьоҥҥо көмөлөһөр, харчы биэрэр буоллаххына, аньыыҥ-хараҥ боруостанар. Ону тэҥэ ыттары, ордук бэйдиэ сылдьааччыллары тото-хана аһаттаххына, үтүө дьыаланы оҥороҕун.

Баайы-дуолу тардар туһуттан, араас туомнары толороллор. Холобур, 5-с күҥҥэ 108 апельсины (апельсин ахсаана 9, 12, 21, 27 буолуон сөп) аан боруогун нөҥүө күлэ-үөрэ төкүнүтэн киллэрэллэр. Бу апельсиннарын тыыппакка хоннорон баран, күн аайы үөрэ-көтө сииллэр, ыалларыгар, аймахтарыгар бэрсэллэр. 8-с күҥҥэ Баай-дуол Таҥаратыгар бэлэх-туһах биэрэллэр. Ыалдьыттыы барар буоллахтарына, хайаан да икки мандарины илдьэ бараллар, кэлэллэригэр кинилэргэ эмиэ икки мандарины биэрэн ыыталлар (хардарыта ылсыы-бэрсии сиэринэн). Кытайдыы «икки мандарин» диэн тыл «кыһыл көмүс» диэн тылга маарынныыр, онон баайы-дуолу, ситиһиини тардар дииллэр.

15-с күҥҥэ сыбаайбалыахтарын баҕарааччылар тапталлаахтарын аатын кумааҕы фонарикка суруйан баран, халлааҥҥа көтүтэллэр.

Баҕар, кытайдар үгэстэрэ биһиэхэ, сахаларга, сөп түбэспэт диэххит. Оччотугар тоҕо сыл аайы Илиҥҥи халандаар кыылларын көрсөр буоллубут? Кинилэр дьиҥнээх үгэстэрэ бу бааллар. Ону ылынары-ылымматы киһи бэйэтэ быһаарар. Дьиҥэ, иккистээн Саҥа дьылы көрсөр туох куһаҕаннаах буолуой? Бу күннэргэ миллиардынан киһи үөрэрэ-көтөр, бырааһынньыктыыр, ол эниэргийэтин уонна саҥа Ый үүнэрин туһанан, Баҕа санаа каартатын оҥорор, сыллааҕы былааннары суруйар олус табыгастаах.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

6 часов ago