Илиҥҥи дойдуларга уот сэллээбэт

Илиҥҥи дойдуларга уот сэллээбэт

02.11.2023, 09:01
Хаартыска: Анадолу саайтан.
Бөлөххө киир:

Алтынньы саҥата ХАМАС диэн Газа куорат эҥээрин тутан олорор бөлөх Израильга саба түһэн, Палестина уонна Израиль икки ардыгар уоту сахпыта. Бу уот өрө күүдэпчилэнэн билигин Газа секторыгар сэрии бара турар. Холбоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрэ иһитиннэрэринэн, сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, өлбүт киһи ахсаана аҕыс тыһыынчаттан тахсыбыт. Ол иһигэр 5300‑тэн тахса оҕо сырдык тыына быстыбыт. Ити баара-суоҕа уонча хонук иһигэр.

Икки кытыл

Израиль аармыйата Газа секторыгар сэриинэн киириэҕиттэн, аҥаар кырыытыттан дьону кыдыйан барыаҕыттан үгүс дойдуга Палестинаны өйүүр миитиннэр ыытыллыбыттара. Билигин Газа секторын дьонун көмүскүүр сыаллаах Йемен Өрөспүүбүлүкэтин аармыйата киирэн эрэр. Бу туһунан иһитиннэрии киин бэчээккэ алтынньы 31 күнүгэр тахсыбыта. Йемены таһынан Иран, Саудовскай Аравия, Ливан, Катар эмиэ бэлэм олороллоро иһиллэр.

Оттон Израильга ханнык дойдулар күүс-көмө буолан олороллоруй диир буоллахха, бастатан туран, Америка Холбоһуктаах Штаттара эрдэттэн сэрии сэбин ыыппыттара биллибитэ. АХШ кытары тута Франция, Великобритания, Италия, Испания, Нидерланды, Германия өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Ол эрээри, арҕааҥҥы дойдуларга Газа секторыгар сэриини тохтоторго миитиннэр эмиэ бараллар. Холобур, бу соторутааҕыта АХШ конгреһыгар Газа секторын көмүскээччилэр кэлэн Израильга сэрии сэбин ыытары, үбүнэн көмөлөһөрү тохтотору туруорсубуттара. АХШ мусульманнарын национальнай сэбиэтэ бэрэсидьиэн Джо Байдеҥҥа сэриини үбүлүүрү тохтоторго модьуйбута. Ол эрээри, билигин туох да уларыйыы тахсыбыта биллибэт.

Билигин Газа секторын олохтоохторо ханна да барар сирдэрэ суох буолан олороллор. Израиль аармыйата олохтоохтор лааҕырдарыгар сэриинэн түһэрин тохтоппот. Ол иһин дьоннор олохтоох балыыһаларга тиийэ сатыыллар. Манна даҕатан этиим, киин бэчээккэ, Израиль итинник гынан Газа секторын олохтоохторун күүс өттүнэн Египет Синай тумул арыытыгар баралларыгар күһэйэр диэн этэллэр. Кырдьыга, оннук этии баара. Израиль Газа икки мөлүйүөнтэн тахса олохтооҕун бу тумулга ыытар былааннаах этэ. Ол эрээри, маны Египет ылыммата чахчы этэ. Бу боппуруос хара маҥнайгыттан бэрт мөккүһүүлээҕэ уонна эридьиэстээҕэ. Тоҕо диэтэргит, бу тумул арыыны бэйэтин кэмигэр Израиль сэриилээн ылбыта, кэлин Египеккэ төттөрү төннөрүллүбүтэ. Газа да олохтоохторо бэйэлэрин дойдуларыттан барар санаалара суох.

Палестина туспа судаарыстыба быһыытынан

Египет, Иордания, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ, Таиланд, Швейцария, Арассыыйа, Казахстан, Узбекистан, Киргизия, Армения, о. д.а. дойдулар Палестина да, Израиль да диэки буолбакка, ортотун тутуһан олороллор. Кинилэр этиилэрэ биир: Газа секторыгар да, Израильга да сэрии тохтуохтаах. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Палестина уонна Израиль атааннаһыыларыгар биир эрэ суол баарын, Палестина туспа судаарыстыба буолуон наадатын туһунан эрдэ этэн турар. “Бу туһунан мин хаста да этэн турабын. Палестина хантан да тутулуга суох туспа судаарыстыба буолуохтаах. Сэрии быһаарыыта, дьиҥэр, ити биир эрэ”, — диэн эппитэ.

Владимир Путин илиҥҥи дойдуларга сэрии бара турарынан бу нэдиэлэҕэ эмиэ мунньах ыыппыта. Онно кини бу сэриинэн норуоттар икки ардыларыгар ытаһа оҥоро сатыылларын өссө биирдэ санатан эттэ.

— Биһиги бары өйдүүбүт, илиҥҥи дойдуларга атааннаһыы туохтан тахсыбытын. Ол эрээри буруйдаахтары, террористары уодьуганныах оннугар дойдуга бүттүүнүгэр саба түһүү таҕыста. Билигин Газа куорат эҥээригэр туох буола турарын бары көрө-билэ сылдьаҕыт, туох да буруйа суох тыһыынчанан киһи сэймэктэннэ, ол иһигэр оҕолор өлөллөрө киһи өйүгэр батан киирбэт. Бу кэтэҕэр барытыгар ким турара эмиэ көстөн кэллэ. Афганистаҥҥа, Иракка, Сирияҕа, Украинаҕа курдук манна барытыгар АХШ элитата сыһыаннаах. Сэриини күөртээн, уот анньан биэрэн үбүнэн, сэрии сэбинэн хааччыйаллар, норуоттар икки ардыларыгар атааннаһыыны үөскэтэллэр, — диэн этэр кини.

Бу көстүү, хомойуох иһин, биһиги дойдубутугар эмиэ тахса сырытта. Бу өрөбүллэргэ Дагестаҥҥа аэропорка Израильтан кэлбит сөмөлүөтү утары айдаан тахсыбыта. Манна сыһыаран Владимир Владимирович: “Бу маннык күөртээһини арҕааҥҥы дойдулар анал сулууспалара тэрийэн оҥороллор. Эһиги бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ ээ, тат омукка таалгыт кырыыланан Палестинаҕа тугунан көмөлөһөргүтүн? Тат омук Дагестаҥҥа эмиэ олорор. Онон барытын саба быраҕан омукка, норуокка кыыһырбыты таһаара сатыыр сыыһа, төттөрүтүн биһиги бу айдаан кэтэҕэр турар күүстэри кытары утары охсуһуохтаахпыт. Байыаннай эпэрээссийэ сыала-соруга онно сытар”, — диэн эттэ.

Түмүк оннугар

Уонна суруйуум түмүгэр кэлэн иһэр Сомоҕолоһуу күнүнэн биири ахтан аһарыахпын баҕарабын. Израиль сэриитэ Газа секторыгар сэриинэн түспүтүн кэннэ аан дойду барыта аймаммыта. Оннуга сөп. Ама киһи кыайан тулуйбат хартыыната. Ол эрээри бу күөнүгэр үгүс дойдуга итэҕэллэри, култууралары утары туруора сатаабыттара, ону күөртээн, тэптэрэн биэрэр күүстэр бааллара.

Владимир Путин ол иһин алтынньы 25 күнүгэр итэҕэл түмсүүлэрин кытары көрсөн кэпсэппитэ. Онно кини билигин улахан эппиэтинэс уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, духуобунай лиидэрдэргэ, эрэгийиэн салайааччыларыгар сүктэриллибитин бэлиэтээн эппитэ.

 Бу айдааҥҥа үгүс дойдуну кыттыһыннара сатыыллар. Ол иһигэр киһи аймах саамай уйан сиринэн — омугунан, итэҕэлинэн киирэн «оонньууну» ыыталлар. Норуоттар, итэҕэллэр икки ардыларыгар уот саҕаллар. Онон билигин туох баар уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, баартыйаларга, эрэгийиэннэр салалталарыгар улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ. Хас биирдиибит билигин бэйэбититтэн ыйытыах тустаахпыт: билигин биһиэхэ саамай сүрүн боппуруоспут туохханый диэн. Арассыыйа элбэх омуктааҕынан, култууралааҕынан, үгэстээҕинэн, итэҕэллээҕинэн биллэр. Биһиги күүспүт бары биир тылы булан олорорбутугар, үйэттэн үйэҕэ кэлбит үгэспитин илдьэ сылдьарбытыгар сытар. Бу биһиги судаарыстыбабыт төрдө-төбөтө, — диэн этэр кини.

Кырдьыга да, оннук эбээт. Тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр бары эн-мин дэһэн олорорбут, үгүс култуураны, итэҕэли тэҥҥэ тутан сылдьар үгэспит итиннэ үтүө холобур буолар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: