Салгыы
Илья Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтиэхтэрэ

Илья Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтиэхтэрэ

28.07.2024, 11:53
Хаартыска: Намнааҕы киин бибилэтиэкэ
Бөлөххө киир:

От ыйын 31 күнүгэр бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах тэрээһин ыытыллыаҕа.

Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны сэлиэнньэтигэр буолар тэрээһин 11 чаастан Л.Левин аатынан уулуссаҕа баар И.Винокуров-Чаҕылҕаҥҥа аналлаах пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууруунан саҕаланыаҕа.
11.30 чаастан «И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан. Талыллыбыт айымньылар» кинигэ 1-2 туомнара сүрэхтэниэҕэ.
14.30 чаастан Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас кыттыылаах үөрүүлээх мунньах буолуоҕа. Тэрээһин кыттыылаахтара, ыалдьыттар «1944 с. саха ыһыаҕа» уонна «Чаҕылҕан» документальнай киинэлэрин көрүөхтэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин норуоттарын аудивизуальнай нэһилиэстибэтин киинин үлэһиттэрэ Анна Пшенникова уонна Марфа Эверстова Арассыыйа киинэтин  докумуоннарын судаарыстыбаннай архыыбын пуондатыгар 1944 сыллаахха Амма оройуонугар буолбут ыһыах туһунан устууну булбуттара.

Нам улууһа киэн туттар биир дойдулааҕа Илья Винокуров-Чаҕылҕан  үбүлүөйдээх сылын араас тэрээһиннэринэн бэлиэтиир. Мэлдьи буоларын курдук, быйыл эмиэ бэс ыйын 16 күнүгэр Үрүҥ тунах ыһыах кэмигэр “Эҥсиэли хочото – айар кут түһүлгэтигэр” «Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт!» уус-уран ааҕыы күрэҕэ буолан ааспыта. Күрэҕи Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунаска салалтата, Намнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ уонна Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын киинэ көҕүлээн ыыппыттара. Бу күн Чаҕылҕан чаҕылхай хоһооннорун 17 киһи уонна бөлөҕүнэн ааҕан, Илья Винокуров-Чаҕылҕан удьуор-аймахтара туруорбут анал бирииһин — «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн Пелагея Павлова ылбыта.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: