Инбэлииккэ таһаарар хамыыһыйа улуус киинигэр үлэлиэ дуо?

Share

Урицкай олохтоохторо ситэриилээх былаас отчуотун истэн баран, Саха сирэ нэһилиэнньэҕэ отчуоттары көҕүлүүр соҕотох өрөспүүбүлүкэ буоларыгар махтаннылар.  СӨ Үп миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр үлэлээбит Владимир Солодов губернатордаах Камчатка эмиэ саҕалаата.

Ситэриилээх былаас 2022 сылга үлэтин отчуотун истэн баран, үгэс курдук, ыйытыылары биэрдилэр.


Урицкайга баар биэлсэр-акушер пуунугар биэлсэрдэрэ суох, оттон нэһилиэнньэ үксэ биэнсийэлээх. Инбэлииккэ тахсар туруктаах дьон докумуоннарын оҥотторо Дьокуускайга барарга күһэллэллэр. Онуоха улуус киинигэр тоҕо анал хамыыһыйа кэлэн үлэлээбэтин ыйыталастылар. Дьон инбэлииккэ тахсарга 3-4 сылы быһа эрэйи көрөрүн эттилэр. Бу боппуруоһу отчуот боротокуолугар киллэрэргэ уонна улуус баһылыга Николай Харбинныын сиһилии үөрэтэргэ эрэннэрдилэр. Бу отчуоттарга сылдьан иһиттэххэ, улуус нэһилиэктэригэр мэдиссиинэ үлэһиттэрэ тиийбэттэр. Уопсайынан, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах боппуруос олус элбэх. Онуоха СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин бөлөх састаабыгар киирэн Өлүөхүмэ улууһугар кэлбитэ элбэх боппуруос быһаарылларыгар эрэли үөскэтэр.


Манна быйыл 130 сылын бэлиэтиир оскуолаларыгар өрөмүөҥҥэ наадыйаллар. Онон өрөспүүбүлүкэ тустаах бырагырааматыгар киллэрэргэ көрдөстүлэр.
Түмүккэ, Иван Алексеев Саха АССР 100 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэни нэһилиэккэ баһылыктаабыт Владилен Корчагиҥҥа, онтон Николай Харбин улуус Бочуоттаах грамотатын Сардаана Григорьеваҕа туттардылар.

Оробуочай бөлөх ону таһынан акушер-биэлсэр пуунугар, ДЭС ыстаансыйатыгар сырытта.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтин үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары көрүстүлэр

СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…

14 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Селедкалаах салааты атыннык оҥоруохха

"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Хатыыс хабаҕынан туһаныы

Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота  социальнай ситимнэринэн тарҕанна.    

58 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев: Уһук Илин эрэгийиэн дохуоттарын 2,5 төгүл кэриҥэ үрдэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» ханаалга интервью биэрдэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэ дьарыктаах дьон «больничнайга» барар бырааптаныахтара

2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа үс сыллаах эксперимент саҕаланыаҕа, ол түмүгэр бэйэ дьарыктаах дьон…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кыһын тиллибит лыаҕы хайдах гынабыт?

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото лыах тиллибитэ ый буолла. Маныаха учуонайдар көрүүлэрэ хайдаҕый?…

2 часа ago