Инбэлиит дьону көрөр дьоҥҥо төлөбүр үрдээтэ

Share

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйаах таһааран, инбэлиит оҕолору уонна төрүөхтэриттэн 1-кы группалаах инбэлиит дьону көрөн олорор, ол иһин үлэлээбэт дьоҥҥо бэриллэр ыйдааҕы төлөбүрү үрдэттэ уонна барыларыгар тэҥнээтэ. Бу төлөбүр суумата 10 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Маны тэҥэ, сыл аайы индексацияланар буолла.

Бу иннинэ 10 тыһыынча солкуобай инбэлиит оҕолоох төрөппүттэргэ уонна 1-кы группалаах инбэлииттэргэ уонна үлэлээбэт эппэкииннэргэ эрэ бэриллэр этэ. Инбэлиит оҕолору көрөн, үлэлээбэккэ олорор атын дьон (холобур, аймахтара) 1,2 тыһыынча солкуобайы ылаллара.

Билигин бу төлөбүрү биэрии кэҥээтэ — инбэлиит оҕолору уонна төрүөхтэриттэн 1-кы группалаах инбэлиит дьону көрөр-истэр дьон бары ылар буоллулар.

Бу төлөбүрү биэрии бэрээдэгин РФ бырабыыталыстыбата быһаарар.

Бэрэсидьиэн ыйааҕа 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээн барар диэн «Объясняем.рф» саайт суруйар.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
3
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -17 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

11 минут ago
  • Култуура
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар

Күн сиригэр саамай күндү — күн сырдыга

Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэстээххэ олорор дьиэлэр уотунан ититиигэ холбоннулар

Бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайан, балаһыанньа кытаата сырытта.  СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев «Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна

«Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа  Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха киинэтэ ааспыт сылга «рекорд» олохтоото

2024  сылга  саха киинэтэ  рекорд олохтоон, кассовай хомуур  157 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу манна улахан…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл-бит

Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…

13 часов ago