Инбэлиит-оҕолорго айаннарын ороскуота төлөнөр буолла

Инбэлиит-оҕолорго айаннарын ороскуота төлөнөр буолла

16.11.2022, 14:44
Бөлөххө киир:

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн онкологическай, иммунологическай, гематологическай ыарыылардаах уонна бүөрдэрэ ыалдьар инбэлиит-оҕолор эмтэнэ баралларыгар айаннарын ороскуота төлөнөр буолуоҕа. Бу туһунан уураахха РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Бу быһаарыы искэни утары охсуһар, иммуномоделирующай терапияны барар уонна гемодиализка сылдьар инбэлиит-оҕолорго сыһыаннаах. Төрөппүттэригэр уонна арыаллааччыларыгар эмиэ төлөнөр. Сөмөлүөт төлөбүрэ уһун айаҥҥа эрэ төлөнөр, холобур, тимир суолунан 12 чаастан ордук кэмҥэ айанныыр буоллахха, эбэтэр, 1 тыһыынча килэмиэтиртэн ыраах сир буоллаҕына.

Урут систэрин тоноҕоһо ыалдьар оҕолор, ону тэҥэ, Уһук Илиҥҥэ, эбэтэр, тимир суола суох сирдэргэ олорор инбэлиит-оҕолор эрэ сөмөлүөтүнэн босхо көтөр бырааптаахтара.

Инбэлиит оҕолор эмтэнэр сирдэригэр кэлэр-барар бырайыастара социальнай өҥө нобуорун (НСУ) иһинэн бэриллэр. Бу өҥөлөргө эминэн хааччыйыы, санаторийга-куруорка путевканы биэрии уонна куорат таһыгар айанныыр электропоезтарга бырайыас киирэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: