Инбэлиит байыастарга төлөбүр кээмэйэ улаатта

Share

Владимир Путин байыаннай дьайыыга кытта сылдьан эчэйбит инбэлиит  байыастарга биир кэмнээх төлөбүр кээмэйин үрдэттэ.

Сэтинньи 14 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ “Кэккэ категориялаах дьоҥҥо эбии социальнай төлөбүр гарантияларын туһунан” ыйааҕар илии баттаабыта.

Биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ бары категорияларга бойобуой эчэйиилэр байыаннай дьайыы кэмигэр уонна анал сорудаҕы толорор кэмҥэ ылбыт эчэйиилэрин ыараханыттан тутулуктанар”, диэн быһаарда СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бүгүҥҥү брифинҥэ.

Эбии төлөбүрү 2022 сыл олунньу 22 күнүттэн инбэлиит буолууга тириэрдибит ыарахан эчэйиини ылбыт байыастар бары ылыахтара. Биир кэмнээх төлөбүрү «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» судаарыстыбаннай пуонда толуйар. Эчэйии иһин урут киирбит биир кэмнээх төлөбүр учуоттанан төлөнүөҕэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр көмө салҕанарын бэлиэтээтэ. Сэтинньи  15 күнүнээҕи туругунан, 150 дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьиэни гаастааһыҥҥа, 509 байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэригэр санаторнай-курортнай эмтээһиҥҥэ көмө оҥоһулунна, 371 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр айанныырга үп-харчы көмөтүн ылла. 894 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 1667 дьиэ кэргэн чилиэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай сулууспа тэрилтэлэригэр реабилитацияны ааспыттара. 321 киһи социальнай өҥөнү дьиэҕэ уонна полустационарнай көрүҥүнэн ылбыт. 595 киһиэхэ дьарыктаах буолуу кииннэрэ үлэ буларга көмөлөспүттэр, ол иһигэр 187  байыаннай дьайыы  кыттыылааҕа уонна 408 дьиэ кэргэн чилиэннэрэ. Итинтэн 149 киһи идэҕэ үөрэтиини ааспыт, 360 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

2 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

3 часа ago