Инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга анал тэриллэри уларсаллар
Саха сирин олохтоохторо — инбэлииттэр, ыарахан ыарыһахтар, кыаммат кырдьаҕастар чөлгө түһэрии тэхиньиичэскэй тэриллэрин (ТСР) босхо ылан туһанар кыахтаахтар. Өрсөпүүбүлүкэҕэ маннык тэриллэри уларсар 8 пуун үлэлиир — Алдан, Амма, Бүлүү, Нерюнгри, Ньурба, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинигэр.
Бу маннык тэриллэр кырдьаҕастар, инбэлииттэр уонна кинилэри көрөр-харайар аймахтарын олохторун ччэпчэтэргэ көмөлөһөллөр. Маны тэҥэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ пуун өҥөтүнэн туһанар бырааптаахтар.
Пууннарга барыта 30 тус-туспа ааттаах тэрил баар. Саамай элбэхтик адаптационнай ороннору, кириэһилэ-кэлээскилэри, баттыктары, ходуноктары, туалеттыыр кириэһилэлэри уларсаллар.
Бу пууннарга барыта 348 анал тэрил баар, сыллата пуондата эбиллэр, хаҥыыр. Холобур, 2022 сыллаахха Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы пууннарыгар анаан 59 тэрил атыылаһыллыбыта.
2023 сылга Алдан, Нерюнгри, Ньурба, Амма пууннарыгар анаан 149 тэрил ылыллыбыта.
Анал тэриллэри кимнээх уларсыахтарын сөбүй?
— инбэлииттэр (оҕолор эмиэ);
— кыайан хаампат, бэйэлэрин көрүммэт буолбут кырдьаҕастар;
— ыалдьан, быстах кэмҥэ бэйэлэрин көрүммэт буолбут, хаамаллара хааччахтаммыт дьон.
Ханнык докумуоннар наадаларый?
— суругунан сайабылыанньа (килийиэн бэйэтэ, эбэтэр, сокуоннай бэрэстэбиитэлэ суруйар);
— пааспар;
— СНИЛС.
Сиһилии иһитиннэриини 40-21-78 төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп.
Кырдьаҕастар, инбэлииттэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыы үлэтэ «Демография» национальнай бырайыак «Аҕам саастаах көлүөнэ» бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: