Салгыы
Инбэлииттэри кэлимник көрөн реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин байыаннай сулууспалаахтарга көмөтүн салгыыр

Инбэлииттэри кэлимник көрөн реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин байыаннай сулууспалаахтарга көмөтүн салгыыр

28.11.2024, 13:48
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

Ю.П. Степанов аатынан инбэлииттэри кэлимник көрөн реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ байыаннай дьайыы 354 кыттыылааҕа уонна 317 байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ реабилитацияннылар.

“Биһиги кииммитигэр реабилитацияны ааһар дьоҥҥо этин-сиинин туругун чөлүгэр түһэрэргэ, эмоциональнай уонна мотивационнай эйгэлэрин холкутутууга туһуламмыт социальнай-психологическай уонна социальнай-мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллар”, — диэн брифинҥэ киин дириэктэрэ Асида Алексеева бэлиэтээтэ.

Тэрилтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гидрокинезотерапия дьарыктарын ыытар “Самородок” бассейнын кытта бииргэ үлэлиирин салгыыр.

Маны тэҥэ кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл миэрэлэрин туһунан иһитиннэрэр уонна сүбэлиир дьаһаллар салҕаналлар. Өрөспүүбүлүкэ араас управлениеларын, тэрилтэлэрин кытта уопсайа 60 көрсүһүү ыытылынна. Ону таһынан Арчы дьиэтигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар алгыс сиэрин-туомун ыыталлар, ол байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр куту-сүрү бөҕөргөтөллөрүгэр, холкутуйалларыгар көмөлөһөр.

Бу кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кэлимник көрөн  реабилитациялыыр үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: