Индиана Феофанова
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 60-с кыттааччыта Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн (билигин Дьокуускайга олорор) Феофанова Индиана Васильевна:
Халлааҥҥа хайыһыым: ып — ыраас күөх урсун,
Көмүс тыа көрөргө кэрэтиэн, ол устун
Аргыыйдык хаамабын куустуһар курустуун,
Аймана кыатанар көмүскэм уутунуун.
Түүл эбит, түүл эбит хара дьай сураҕа!
Утуйан турдарбын, сибики тумнаарай?..
Сымыйа, сымыйа ыар садьык сонуна!
Кулгаахпын чөрөтүүм, дуораана уостаарай?..
Көһүтэр аналлаах мин эбээт, кыыс дьахтар,
Көмүскэс сүрэхтэн куйахтаах күн ийэ
Уол оҕо төрөтөн сут суору үөртэҕим,
Эмиийим илгэтин эмтэрэн ииттэҕим.
Хараҕым харата, харыстыыр сэгэрим,
Иһиллиир чуумпулуун биһиктиир бүөбэйим,
Бойбурун көтөхтө кыракый уолчааным,
Боруогун атыллыыр кынаттаах чыычааҕым …
Этэҥҥэ эргиллиҥ, эдэркээн буойуттар,
Эйэ-дьол аргыстаах эр хоһуун эрэттэр!
Эрдэлээн кырдьымаҥ, кырдьымаҥ, ийэлэр,
Уол оҕо төрөтөр аналлаах дьахталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: