Информатикаҕа икки оҕо муҥутуур үрдүк баалы ылла
Информатикаҕа уонна ИКТ-га биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн икки оҕо муҥутуур үрдүк баалы ылла: В.П.Ларионов аатынан физика-тиэхэньиичэскэй лиссиэй үөрэнээччитэ Айтал Захаров (Дьокуускай куорат) уонна С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын үөрэнээччитэ Тимур Куличкин (Чурапчы улууһа). Бэлиэтээн эттэххэ, Айтал Захаров өрөспүүбүлүкэҕэ уустугурдуллубут математика эксээмэнигэр 100 баалы ылары ситиспит соҕотох оҕо буолар.
“Өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн үс мультибальник уонна үлэлэрин 100 баалга суруйбут 23 киһи баар. Бу ааспыт сыллааҕар элбэх. Быйыл үөрэнээччилэр биир кэлим эксээмэҥҥэ үрдүк түмүгү көрдөрөллөр, эһиил даҕаны бу көрдөрүү салҕанарыгар эрэнэбит. Барыларыгар ситиһиини, былааннаммыт үөрэхтэригэр киирэллэригэр баҕарабын”, — диэн Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылбыт Саха сирин үөрэнээччилэригэр 100 тыһ. солк. бириэмийэни туттарыы салҕанар. Быйылгыттан үөрэнээччилэри 100 баалга бэлэмнээбит учууталлары эмиэ бириэмийэлииллэр. Бу туһунан СӨ Үөрэҕи кэтээн көрөр федеральнай сулууспа саайтыгар суруллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: