Салгыы
Инклюзивнай үөрэхтээһин кыһалҕаларын дьүүллэстилэр

Инклюзивнай үөрэхтээһин кыһалҕаларын дьүүллэстилэр

19.07.2023, 15:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай балаататыгар, үлэ былаанын быһыытынан, «Цифровые решения при инклюзивной форме обучения школьников с сенсорными нарушениями» диэн «төгүрүк остуол” аан бастаан ыытыллыбыта.

Күнүскү-ыраахтан ньыманан ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ көрөллөрүгэр уонна истэллэригэр кыһалҕалаах оҕолор төрөппүттэрэ, өрөспүүбүлүкэ  куораттарыттан уонна үгүс улууһуттан  инклюзивнай ньыманан үөрэтиинэн дьарыктанар иитээччилэр уонна учууталлар кытыннылар.  СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин  чахчытынан, Саха сиригэр  ураты үөрэхэ наадыйар 6 тыһыынчаттан тахса оҕо олорор. Ол гынан баран, дьиҥ олоххо көстөрүнэн, кинилэр ахсааннара өссө элбэх.

Дойду үөрэҕин сайдыытын аныгы түһүмэҕэр көрөллөрүгэр кыһалаҕалаах  үөрэнээччилэри уонна устудьуоннары үөрэтэргэ, мин педагог уонна учуонай быһыытынан, икки сүрүн чахчыны өрө тутабын: Луи Брайл суругун систиэмэтин уонна көмпүүтэр адаптивнай технологияларын. Бу көрүҥнэрэ суох  хаачыстыбалаах үөрэх туһунан этэ да барыллыбат.

Көмпүүтэр адаптивнай технологиялара диэн ураты үөрэххэ наадыйааччылар тус көмпүүтэрдэригэр атын киһи көмөтө суох бэйэлэрэ үлэлииллэригэр аналлаах көмпүүтэр анал технологиялара. Бу технологиялар кинилэр уопсастыба атын чилиэннэрин кытары тэҥҥэ үөрэнэллэригэр уонна үлэлииллэригэр эбии компенсаторнай функциялаахтар:

-Бырагыраама көмөтүнэн иһитиннэриини араас тылынан истэр кыахтаахтар, ол эбэтэр ханнык баҕарар докумуон тиэкиһин билсэллэригэр көмөлөөх. Уонча маннык кэмиэрчэскэй бырагыраама баар. Ол эрэн, кэнники сылларга NVDA босхо бырагыраама киэҥник тарҕанна. Бу бырагырааманы интэриниэттэн көҥүл  хачайдыахха уонна ханнык баҕарар көмпүүтэргэ киллэриэххэ сөп;

Брайль принтердэрэ үөрэх-методика, научнай-популярнай уонна уус-уран литератураны  Брайль систиэмэтинэн рельефнай-туочука шрибинэн таһаарарга аналлаахтар;

— Брайль устуруокалара мониторга тахсар тиэкистэри Брайль систиэмэтин рельефнай-туочука шрибинэн  көрдөрөллөр.

— Сыыппаралааах видеону улаатыннаран көрдөрөр бырагыраама мониторга тахсар тиэкиһи уонна графическай  иһитиннэриини улаатыннарар.

Пантелеймон ЕГОРОВ, СӨ Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, педагогика наукатын хандьытаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: