Инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэристилэр
Ыам ыйын 22-25 күннэригэр Хабаровскай куоракка «Инклюзия раздвигает границы возможностей и пространства» диэн инклюзивнай үрдүк үөрэххэ аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум буолла.
Тиихэй акыйааннааҕы судаарыстыбаннай университекка ыытыллыбыт пуорум кыттыылаахтарын бу университет ректора, химия наукатын дуоктара Юрий Сергеевич Марфин эҕэрдэлээтэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум пленарнай мунньаҕын модератора – педагогика уонна дефектология үөрэҕин Үрдүкү оскуолатын салайааччы, педагогика наукатын хандьыдаата Татьяна Геннадьевна Луковенко.
Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтиттэн көмпүүтэр технологиятын институтун дириэктэрэ, табыгастаах технологиялары чинчийэр институттарын салайааччы Чжао Цзянь уонна Чанчунь университетын солко суол институтун дириэктэрин солбуйааччы Юань Лиин кытыннылар.
Онтон Саха сириттэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеттан педагогика наукатын хандьытаата, сурдо-тылбаасчыт Лилия Ивановна Аммосова уонна ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарар научнай-инновационнай киинин дириэктэрэ, инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ ректордар Арассыыйатааҕы сойуустарын эспиэрэ, педагогика наукатын хандьытаата Пантелеймон Романович Егоров дакылааттары оҥордулар.
Кытайга баар биир идэлээхтэрин кытары доҕордуу, наукаҕа сибээс олохтонно. Ону сэргэ инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарыы салаатыгар хардарыта бииргэ үлэлиир туһунан дуогабар түһэрсилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: