Инна Максимова: «Кыайыы көтөллөөх эргиллэллэригэр баҕарабын»

Share

Биһиги ортобутугар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөһөр, илиилэрин сылааһынан уолаттарга таҥас тигэр амарах санаалаах далбар хотуттар элбэхтэр.

Кинилэртэн биирдэстэрэ «Саха сирэ эйигин кытта» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын иистэнньэҥэ Инна Максимова буолар. Кини элбэх киһи кэлэн көмөлөһөрө буоллар диэн баҕа санаатын этэр:

— Мин манна кэлэн көмөлөспүтүм сылтан орто, сынньалаҥҥа олорор буоламмын, күн аайы кэриэтэ кэлэн иистэнэбин. Биһиги билигин көстүүм тигэ сылдьабыт. Анараа эмиэ халлаан тымныйан уолаттарбытыгар сылаас таҥас наада. Онон халыҥ таҥаһы тигэбит. Олус элбэх уол барар, уоппускаҕа кэлбиттэр төннөллөр, сакаас элбиир, ыксалынан тигэр да түгэннэр бааллар. Элбэх сылаас таҥас наада буолар. Ардыгар улахан таҥастарга матырыйаалбыт тиийбэт буолар, оччоҕо кыра кээнчэ, бэргэһэ, үрүссээк, о.д.а. тигэбит. Ким иллэҥ бириэмэлээх кэлэн көмөлөһөрө буоллар диэн ыҥырабын уонна уолаттарбыт этэҥҥэ Кыайыы көтөллөөх эргиллэллэригэр баҕарабын.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago