Иннэни ыйыстыбыт куоска оҕотун быыһаатылар
Сунтаар бэтэринээрийэтигэр саптаах иннэни ыйыстыбыт куоска оҕотун быыһаатылар. Ахсынньы 5 күнүгэр бэтэринээр пуунугар Белый диэн ааттаах 3 ыйдаах куоска оҕотун аҕалбыттар.
Хаһаайката тимэх тигэ олордоҕуна, куоска оҕото аттыгар оонньуу сылдьыбыт. Онтон алҕаска саптаах иннэни ыйыстан кэбиспит. Бу кутталлаах быһыы диэн акаарычаан билбэт да буоллаҕа. Хата, хаһаайката таба көрөн, тута бэтэринээрдэргэ аҕалбыт.
Бэтэринээрдэр хайытар эпэрээссийэ оҥорбокко, укуоллаан баран, айаҕын атытан, куолайыттан бэркэ сэрэнэн уһун баҕайы иннэни хостообуттар. Иннэ куолайын тоҕо солоон тахсыан, тылын, ис уорганнарын бааһырдыан сөбө.
Бэйэтэ да куттаммыт, күүскэ ыалдьыбыт быһыылаах, куоска оҕото быыһаабыт дьоҥҥо ньааҕынаан махтаммыт. Билигин кини туруга үчүгэй, чөлүгэр түһэр, улаатар диэн Сунтаардааҕы бэтэринээрийэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: