Салгыы
Иннэни ыйыстыбыт куосканы быыһаатылар

Иннэни ыйыстыбыт куосканы быыһаатылар

18.12.2024, 12:04
Хаартыска: Бэтэринээрийэ департамена.
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун бэтэринээрдэрэ Чика диэн куоска күөмэйиттэн иннэни таһаардылар. Бу туһунан Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.

Хаартыска: Бэтэринээрийэ департамена.

Хаһаайката иистэнэ олордоҕуна, аттыгар  куоска саптарынан оонньуу сылдьыбыт. Онтон биирдэ өйдөөн көрбүтэ, иннэтэ суох эбит, көрдөөн көрбүт да, булбатах. Оттон куоска туох да буолбатаҕын курдук сылдьыбыт, ньааҕынаабат эбит.

Хаһаайката куоска иннэни ыйыстыбытын сэрэйбит уонна бэтэринээргэ илдьибит. Куосканы  рентгеннээн көрбүттэрэ, күөмэйигэр саптаах иннэ хатана сылдьара чуолкай көстүбүт. Хата, биир да тымырын таарыйтарбатах, тириитин хайа быспатах, ол иһин куоска ыалдьыбат, ньааҕынаабат эбит.

Иннэ күөмэйигэр иҥнибэккэ, салгыы куртаҕар, оһоҕоһугар киирбитэ буоллар, өлөрүөн да сөп этэ. Хаһаайката суһаллык бэтэринээргэ аҕалбыт буолан, быыһаабыт.

Хаартыска: Бэтэринээрийэ департамена.

Бэтэринээрдэр куосканы утутан баран, моонньун кыратык хайа быһан, күөмэйиттэн уп-уһун иннэни  хостоон таһаардылар. Билигин Чика доруобуйата этэҥҥэ.

Куоска, ыт оҕолоро айылҕаттан билиэхтэрин-көрүөхтэрин, оонньуохтарын баҕалаах буолан, ону-маны ыйыстыахтарын сөп. Онон дьиэ кыылларыгар болҕомтолоох буолуохха наада.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
18 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: