Бүлүү улууһун бэтэринээрдэрэ Чика диэн куоска күөмэйиттэн иннэни таһаардылар. Бу туһунан Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.
Хаһаайката иистэнэ олордоҕуна, аттыгар куоска саптарынан оонньуу сылдьыбыт. Онтон биирдэ өйдөөн көрбүтэ, иннэтэ суох эбит, көрдөөн көрбүт да, булбатах. Оттон куоска туох да буолбатаҕын курдук сылдьыбыт, ньааҕынаабат эбит.
Хаһаайката куоска иннэни ыйыстыбытын сэрэйбит уонна бэтэринээргэ илдьибит. Куосканы рентгеннээн көрбүттэрэ, күөмэйигэр саптаах иннэ хатана сылдьара чуолкай көстүбүт. Хата, биир да тымырын таарыйтарбатах, тириитин хайа быспатах, ол иһин куоска ыалдьыбат, ньааҕынаабат эбит.
Иннэ күөмэйигэр иҥнибэккэ, салгыы куртаҕар, оһоҕоһугар киирбитэ буоллар, өлөрүөн да сөп этэ. Хаһаайката суһаллык бэтэринээргэ аҕалбыт буолан, быыһаабыт.
Бэтэринээрдэр куосканы утутан баран, моонньун кыратык хайа быһан, күөмэйиттэн уп-уһун иннэни хостоон таһаардылар. Билигин Чика доруобуйата этэҥҥэ.
Куоска, ыт оҕолоро айылҕаттан билиэхтэрин-көрүөхтэрин, оонньуохтарын баҕалаах буолан, ону-маны ыйыстыахтарын сөп. Онон дьиэ кыылларыгар болҕомтолоох буолуохха наада.
Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…
Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. СӨ Уопсастыбаннай…
Ленскэй оройуонун полициятыгар биир эдэр киһи түөкүттэри үҥсүбүт. Кини этэринэн, икки сылы быһа түөкүттэргэ албынната…
Бүгүн Капитоновкатааҕы В.И.Кононов аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин үлэһиттэрин ыҥырыытынан республикатааҕы Оһуокай уопсастыбатын этээччилэрэ ыалдьыттаатылар.…
Ньурба улууһун олохтоохторо, Аввакумовтар дьиэ кэргэн «Хрустальное сердце Дальнего Востока» күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар диэн СӨ…
ИДьМ управлениетын силиэстийэлиир чааһын силиэдэбэтэлэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын үбүн харчыга көһөрүүгэ (обналичивание средств) кэккэ…