“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Share

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов 70 сааһыгар аналлаах “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэрин иитинэн буолбут билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр кэпсээтилэр.

Тэрийээччилэр үлэлэри сэттэ симпозиумҥа араардылар: «Инженернэй дьыала, технологиялар уонна тиэхиньиичэскэй билим», «Доруобуйа харыстабыла уонна мэдиссиинэ билимэ», «Тыа хаһаайыстыбата уонна тыа хаһаайыстыбатын билимэ», «Уопсастыба туһунан билим» уо.д.а. Барыта 254 дакылаат киирдэ. Кэмпириэнсийэҕэ  5 оскуола үөрэнээччитэ уонна 31 орто анал үөрэх тэрилтэтин устудьуона кытынна.

Ыччат билимҥэ интэриэһэ араас эбит: бырамыысыланнаска оҥоһуу өйү киллэрииттэн, Арктика улуустарын демографическай балаһыанньатыттан саҕалаан, Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга тиийэ.

Дакылааттары өрөспүүбүлүкэ 95 учуонайа, эспиэртиир холбоһук бэрэстэбиитэллэрэ киирбит Сэбиэт көрөр. Кинилэр саҥа саҕалаан эрэ чинчийээччилэр үрдүк таһымнаахтарын, тиэмэлэрин дириҥник өйдүүллэрин бэлиэтээтилэр.

Мин тустаах пуорумҥа номнуо үс сыл үлэлиибин. Сылтан сыл аайы сэргэх чинчийиилэр тахсан иһэллэрин бэлиэтиэм этэ. Эспиэртэри уустук эрээри, олус интэриэһинэй үлэ күүтэр – сыаналаан бастыҥ дакылааты талан ылыы”, – диэн педагогика билимин хандьыдаата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ сыыппараҕа, технологичпскай үөрэхтээһиҥҥэ кафедратын дассыана, «Информатика уонна вычислительнай тиэхиньикэ» сиэксийэтин бэрэссэдээтэлэ Максим Сорочинскай этэр. Бу туһунан СӨ Идэҕэ үөрэтэр тэрилтэри сайыннарар институт сырдатар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago