Салгыы
Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

13.12.2024, 11:19
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.

Бэстибээл салайааччыта поэт, режиссер Олеся Шигина салалтатынан уон киһилээх хамаанда кэлэн, үөрэх кыһаларыгар, култуура дьиэлэригэр, о.д.а. тэрилтэлэргэ сылдьан, устудьуоннары, айар үлэһиттэри, нэһилиэнньэни кытта көрсөн, байыаннай дьайыы туһунан кэпсииллэр, бэйэлэрэ инники кирбиигэ сылдьан устубут  документальнай киинэлэрин көрдөрөллөр, айбыт хоһооннорун, ырыаларын толороллор.

“Айар куттаах дьон байыаннай дьайыыны бэйэбит харахпытынан көрөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэн, кыайыы буоларыгар көмөлөһүөхтээхпит, — диир Олеся Николаевна. — Хас биирдии киһи кыайыы буолуон ис сүрэҕиттэн баҕарарын ситиһиэхтээхпит. Байыаннай дьайыыга айар дьонтон аан бастакынан режиссер-документалистар барбыттара, биһиги кэннибититтэн – худуоһунньуктар. Итинник поэттар, ырыаһыттар, мусукааннар киирдэр киирэн, билигин 40-ча киһи бэстибээли сүрүннүүллэр. Бастаан саҕалыырбытыгар ыарахан соҕус этэ, дьон тэйэ соҕус туттара, онно холоотоххо билигин нэһилиэнньэ сыһыана уларыйбыт”.

Владислав Рыдков, “Я иду Домой” киинэни уһулааччы:

“Бу киинэни Артемовскай куораты босхолуур кыргыһыыга уһулбуппут. Биһиги штурмовой подразделениеҕа разведка бөлөҕүн кытта сылдьыбыппыт. Байыастар хорсун быһыыларын дьиҥнээх киинэҕэ көрдөрөөрү батыһа сылдьан устубуппут. Ону тэҥэ украинскай сэриилэр таһаарбакка тутан олорбут  куорат  олохтоохторун көрдөрбүппүт. Антах инники кирбиигэ сылдьар саамай кутталлаах дии саныыгын, хомойуох иһин, манна бэйэбит дойдубутугар бүтэҥи сыһыаны көрсөбүт. Сорох биир дойдулаахтарбыт туох буола турарын аанньа өйдөөбөттөр. Үгүс култуура диэйэтэллэрэ маннык киинэлэри көрүөхтэрин, нэһилиэнньэҕэ көрдөрүөхтэрин баҕарбаттар. Прокаты оҥорор дьону көрдүү сатыыбыт да булбаппыт. Ол иһин маннык бэстибээллэр нөҥүө эрэ көрөөччүгэ тиийэбит”.

Константин Зайцев, “Отцы Донбасса” сериал режиссера:

“Бу 8 сиэрийэттэн турар сериал, боростуой дьон, учууталлар, эмчиттэр тустарынан. Байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар улахан уолум дойдутун көмүскүү барбыта, оттон мин дойдубар тугунан көмөлөһүөхпүн толкуйдаабытым. Хамаанда тэринэн камерабытын ылан, 4 сиэрийэни устубуппут. 8 сиэрийэ таҕыста, уопсайа 14 сиэрийэ уһулунна. Бастаан дьоруойдары уһулар санаалаха этибит, сотору буолаат өйдөөбүппүт, манна баар хас биирдии киһи, быраас, учуутал — дьоруой. Мантан саас салгыы устуохпут”.

Бэстибээл кыттыылаахтара ыалдьытымсах Саха сирин дьонугар махталларын биллэрдилэр, инникитин да бииргэ үлэлэһиэхпит диэтилэр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: