В.А.Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр “Профессионаллар” чөмпүйэнээт эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин аһыллыыта буолла.
Быйыл кэллиэс тоҕус компетенциянан чөмпүйэнээти ыытыы былаһааккатынан буолла. Олор ортолоругар “тактическай мэдиссиинэ” саҥа компетенция баар. Ону тэҥэ, “акушер дьыалата” компетенция сааһынан сүрүн категориятыгар күрэхтэһии аан бастакытын перинатальнай кииҥҥэ ыытыллар. Бу, кыттааччылар саамай аныгы тэрилгэ үлэлииллэригэр уонна дьиҥнээх үлэҕэ ордук чугас усулуобуйаҕа сатабылларын көрдөрөр кыахтаныахтара.
Чөмпүйэнээккэ барыта 87 киһи кыттар, бу мэдиссиинэ хайысхатыгар үөрэтэр кэллиэстэр, тиэхиньикумнар устудьуоннара, ону тэҥэ, юниордар — өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыттан үөрэнээччилэр. Эдэр профессионаллары тохсунньу 29 күнүттэн саҕаланар тыҥааһыннаах күрэхтэһии күүтэр. Миэдик идэтин баһылыахтаах дьон ыарыһаҕы көрүүгэ-истиигэ сатабылларын, лабораторнай чинчийиини оҥорууну, эми бэлэмнээһини көрдөрүөхтэрэ.
Эрэгийиэннээҕи чөмпүйэнээти Саха сирэ бастакынан саҕалаабыта, тохсунньу 15 күнүттэн Нерюнгритааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр күрэхтэһии ыытыллыбыта. Саха сиригэр орто анал үөрэх систиэмэтигэр саамай киэҥ далааһыннаах күрэхтэһиигэ 800-тэн тахса киһини түмтэ. Бу туһунан СӨ идэҕэ үөрэтэр кыһалары сайыннарар институт суруйар.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…