Бүгүн уу хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, уу хаһаайыстыбатын туйгуна, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччыта Иннокентий Андросов 65 сааһын бэлиэтиир бэлиэ түгэн буолан ааста.
Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, СӨ гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар дьыалаҕа миниистири бастакы солбуйааччы Айаал Вензель, Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Петр Аргунов, СӨ баһаарынай сулууспатын начаалынньыга Руслан Босиков, СР ЫБММ салалтата, бииргэ үлэлээбит, үлэлиир кэллиэгэлэрэ, улуус баһылыктара эҕэрдэлэрин эттилэр.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эҕэрдэлээтэ.
«Эн олоххун барытын төрөөбүт Сахаҥ сирэ сайдарын туһугар үлэлээн анаатыҥ. Араас салайар үлэҕэ үлэлээн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааккын киллэрдиҥ. Өр сылларга уу харыстабылыгар, хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитиҥ, сааскы халаан, кэлин ойуур баһаарын утары күүстээх үлэни ыыттыҥ. Билигин Быыһыыр сулууспаҕа үлэҕэ Саха сирин олохтоохторугар куттал суох буолуутун хааччыйаҕын. Өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэҥ иһин, ханна даҕаны тиийдэххинэ, бииргэ үлэлиир дьонуҥ, биир идэлээхтэриҥ, кэллэктиибиҥ, бэтэрээннэр ытыктабылларын ылаҕын», — диэн Дмитрий Садовников эҕэрдэтин эттэ.
СӨ Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕун куттала суох буолуутун хааччыйыыга миниистири бастакы солбуйааччы Айаал Вензель министиэристибэ аатыттан эҕэрдэтин анаата.
«Иннокентий Михайлович үрдүк таһымнаах, ураты дьоҕурдаах идэтийбит исписэлииһинэн буолар. Иннокентий Михайлович ураты салайар талааннаах, айылҕаны кытары ыкса ситимнээх, өр сылларга уу хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит уопуттаах буолан, сүҥкэн кыһалҕаны уонна айылҕа оҥорор иэдээнин быһаарарга күүс-көмө буолар. Кини ураты дьаныардаах, эппиэтинэстээх үлэтэ, туруорбут сыалы-соругу ситиһиитэ», – диэтэ Айаан Вензель.
Бу күн тыл эппит дьон Иннокентий Андросов үлэтин-хамнаһын, айар үлэтин, ураты дьоҕурун, успуорт араас көрүҥэр ситиһиитин, дьоҥҥо сыһыанын, олоххо көҕүн, талаанын туһунан үгүс үтүө тылынынан кэпсээтилэр. Кини сүрүн үлэтин таһынан успуордунан дьарыктанар, кинигэ суруйар, айылҕа кэрэтин хаарыскаҕа түһэрэн үйэтитэр идэлээх.
Иннокентий Андросов олунньу 10 күнүгэр 1959 с. Таатта улууһугар Томторго төрөөбүтэ. Саха судаарыстыбаннай университетын географическай салаатын бүтэрэн баран, 1981 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ уу хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ. 2010-2019 сылларга Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайбыта. 2019-2023 сылларга СӨ нэһилиэнньэ олоҕун куттала суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ. Иннокентий Михайлович ааспыт 2023 с. сылтан Саха сирин быыһыыр сулууспатын начаалынньыгынан анаммыта.
Иннокентий Михайлович оҕо эрдэҕиттэн биир сөбүлүүр дьарыгынан хаартыскаҕа түһэрии буолар. Олунньу ыйга кини үбүлүөйүгэр аналлаах «Арассыыйа – мин дойдум» историческай пааркаҕа «Люди и стихия» төрдүс фотобыыстапката турбута.
Эрдэтээҥҥи быыстапкалара Саха сирин муҥура биллибэт киэҥ, баай, ураты кэрэ айылҕатын көрдөрөллөрө. Бу иннинэ 2017 с. Экология сылыгар ананан «Природы чудные мгновения» фотобыыстапката эмиэ ити саалаҕа турбута. Ааптар үлэлэригэр айылҕа араас өҥүн эрэ буолбакка, хотугу сир кыылын-сүөлүн, отун-маһын, ууга харыстабыллаах сыһыаны, экологическай кыһалҕаны көрдөрөр. Географ, быыһааччы уонна фотограф буолан элбэхтик айылҕаҕа сылдьар, күөллэр, өрүстэр кэрэ көстүүлэрин, ону таһынан айылҕа кыайан бохсуллубат алдьатыылаах күүһүн көрдөрөр.
Хаартыскаларга Нарыйа Пахомова түһэриитэ, СИА
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…