Бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, «Арассыыйа мин дойдум» историческай пааркаҕа уу хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, уу хаһаайыстыбатын туйгуна, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Иннокентий Андросов «Люди и стихия» фотобыыстапката аһылынна. Фотобыыстапкаҕа дьон-сэргэ уонна айылҕа кыайан бохсуллубат алдьатыылаах күүһүн көрдөрөр 100 хаартыска турда.
Иннокентий Андросов олунньу 10 күнүгэр 1959 с. Таатта улууһун Томтор нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха судаарыстыбаннай университетын географическай салаатын бүтэрэн баран, 1981 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ уу хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ. 2010-2019 сылларга Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайбыта.
Иннокентий Михайлович ааспыт сылтан Саха сирин быыһыыр сулууспатын салайар. 2019 с. СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ. Иннокентий Михайлович оҕо эрдэҕиттэн биир сөбүлүүр дьарыгынан хаартыскаҕа түһэрии буолар. Иннокентий Андросов бу төрдүс тус быыстапката буолар.
Эрдэтээҥҥи быыстапкалара Саха сирин муҥура биллибэт киэҥ, баай, ураты кэрэ айылҕатын көрдөрөллөрө. Бу иннинэ 2017 с. Экология сылыгар ананан «Природы чудные мгновения» фотобыыстапката эмиэ бу саалаҕа турбута. Ааптар үлэлэригэр айылҕа араас өҥүн эрэ буолбакка, хотугу сир кыылын-сүөлүн, отун-маһын, ууга харыстабыллаах сыһыаны, экологическай кыһалҕаны көрдөрөр. Географ, быыһааччы уонна фотограф буолан элбэхтик айылҕаҕа сылдьар, күөллэр, өрүстэр кэрэ көстүүлэрин, ону таһынан айылҕа кыайан бохсуллубат алдьатыылаах күүһүн көрдөрөр.
«Ааспыт уон сылга бу төрдүс быыстапкабын тэрийдим. «Лики воды», «Природы чудные мгновения», «Лики земли Олонхо» диэн быыстапкалары туруоран бар дьоммор көрдөрбүтүм. Уу тэрилтэтигэр үлэлии сылдьан Саха сирин кэрэ айылҕатын түһэрэр этим. Бу сырыыга дьон айылҕаҕа тахсар алдьархайы, алдьатыылаах содулун истэллэр эрээри, харахтарынан үгүстэр көрбөттөр диэн ону көрдөрдүм. Мин өйдүүрбүнэн маннык хаартысканан быыстапка өссө тура илик. Онон дьон туох дии саныыра буолла диэн бэйэм эмиэ мунаарабын. Манна арыый да атын, киһини толкуйдатар «сиэрэй» хаартыскалар турдулар. Бу быыстапкам турарыгар өйөөбүт мультимедийнэй киин салалтатыгар махтанабын», — диэн Иннокентий Андросов санаатын эттэ.
Санаалар
Айаал Вензель, СӨ гражданскай оборуонатын уонна нэhилиэнньэ олоҕор-дahaҕap куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ миниистирин бастакы солбуйааччыта:
-Биһиги Иннокентий Михайловиһы идэтигэр бэриниилээх киһи, үлэни кытары сөбүлүүр дьарыгын дьүөрэлиир киһи быһыытынан билэбит. Биһиги кини хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанарын билэбит. Бүгүн министиэристибэ уонна бэйэм ааппыттан фотобыыстапката аһыллыбытынан эҕэрдэлиибин. Биһиги үлэбитин-хамнаспытын чопчу көрдөрөр быыстапка, Иннокентий Андросов хаартыскалара ураты абылыыр күүстээхтэр», — диэн эттэ
Петр Аргунов, Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайааччыта:
—Үс инники быыстапканы туруорууга тус бэйэм көмөлөспүтүм. Онон быыстапканы туруоруу төһө уустугун билэбин, фотобыыстапкатын сыа-сым курдук дьааһыктарга уган харайар. 2017 с. эрдэтээҥи быыстапкаларыттан таҥыллан Москваҕа Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатыгар биир ый турбута, дьон-сэргэ сэргээн көрбүтэ.
Дмитрий Соловьев, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиригэр толорор дириэктэрэ, «Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай паарка дириэктэрэ:
—Бүгүҥҥү уочараттаах быыстапка аһыллыытыгар турарбыттан олус үөрэбин. Кини төрөөбүт айылҕатын таптаан, кэрэтин көрө үөрэммит буолан, ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Бу хаартыскалартан көрдөххө, кини үлэтигэр айымньылаахтык сыһыаннаһара көстөр. Айар дьоҕурдаах киһи үлэтигэр эмиэ оннук айымньылаах буолар. Нуучча географическай уопсастыбатын аатыттан эҕэрдэлиибин. Фотобыыстапка, саарбаҕа суох, нэһилиэнньэ, ыччат, оҕо аймах сэҥээриитин ылыаҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ.
Профессиональнай фотограф Александр Назаров санаатын маннык үллэһиннэ: «Инники быыстапкаларыгар эмиэ сылдьыбытым, көрбүтүм. Эрдэ уу тэрилтэтигэр үлэлээбит буолан, айылҕа кэрэ көстүүтүн таба көрөн түһэрэр ураты дьоҕурдаах. Быйылгы быыстапкаҕа айылҕа алдьатар ураты күүһүн көрдөрөр хаартыскалар турбуттар. Алдьархайга түбэспит дьон, ойуур баһаара, о.д.а. элбэҕи толкуйдаталлар.
«Люди и стихия» фотобыыстапка олунньу 9 күнүттэн ый аҥара турара былааннанар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…