Салгыы
Иннокентий Баланов Коми табаһыттарыгар ыалдьыттаата

Иннокентий Баланов Коми табаһыттарыгар ыалдьыттаата

07.12.2023, 17:30
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хоту дойду үгэс буолбут салааларын, балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарыыга уонна үлэ харыстабылыгар отделын салайааччыта Иннокентий Баланов Коми Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин ыҥырыытынан уопут атастаһа баран кэллэ.

Кини командировкатын кэмигэр торумнаммыт былаанынан Воркута куоракка “Оленевод” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин буойуна сыаҕар сырытта.

Бу сыаҕы  КОМЕТOS (Финляндия) фирматтан 2001 с. атыыласпыттар. Оччотооҕу сыананан 40,0 тыһ. евро эбит уонна куорат дьаһалтатын балансатыгар бэриллибит. Кэлин “Оленевод” ТХПК  биэрбиттэр.

Бу хаһаайыстыба Комига саамай сүрүн хаһаайыстыбанан биллэр. Манна табаны иитэн, таба бородууксуйатын  астаан-үөллээн таһаараллар. Тириитигэр тиийэ туһаҕа таһаараллар эбит.   Ол курдук, хотугу таба этиттэн үрдүк хаачыстыбалаах 90-ча көрүҥ аһы-үөлү оҥороллор.  Бородууксуйалара “Воркутинская оленина” диэн ааттаах атыыга тахсар.

Иннокентий Михайлович кэпсииринэн, манна табалар мэччирэҥнэрэ 1 мөл. гектарга тэҥнэһэр. Онуоха биир гектар иһин 45 харчыны арыандаҕа төлүүллэр. 21 000  табаны иитэллэр. Сыллата 6500-9500 табаны тутталлар. Биир симиэнэҕэ 280 табаны астыыллар.

— Мин сылдьар кэммэр хараалга 250 табаны хаайан тураллара. Табаттан ылыллар бородууксуйа астанан, кэпэрэтиип маҕаһыыныгар атыыга хамаҕатык атыыланар. 1 киилэ таба этин сыаната — 260 солк. Табаларын тыһын Саха сириттэн “Сардаана” фирма атыылаһар. Таба муоһун 1 киилэтин сыаната – 800 солкуобай. Пантаны дуогабарга олоҕуран Москваҕа гель, маас, пантогематоген уонна БАД оҥорон ыыталлар. Таба сүрэҕэ, быара, тыҥата, мэйиитэ кэпэрэтиип маҕаһыыныгар куруук атыыга баар. Хаһаайыстыбаҕа уопсайа 90 киһи үлэлиир, итинтэн 60 киһи — табаһытынан, — диэн тугу көрбүтүн-истибитин туһунан Иннокентий Михайлович санаатын үллэстэр.

Табаһыттар орто хамнастара — 40 000 солк. уонна оройуоҥҥа  киһи тиийинэн олорор алын кээмэйигэр сөп түбэһэр диэн этэллэр.   Ону тэҥэ Национальностар дьыалаларын агентствотын нөҥүө ый аайы 5000 солк. табаһыттарга эбии төлүүллэр. Воркутаҕа табаһыттар оҕолоругар күнүскү интэринээт үлэлиир.

“Оленевод” кэпэрэтиип өссө Эко-туризмынан дьарыктанара кэрэхсэбиллээх. Бөртөлүөтүнэн, вездеходтарынан эспэдииссийэлэри тэрийэллэрин туристар сэргиир буолбуттар.

Иннокентий Михайлович “КАРА” факторияҕа “Трекол” вездеходунан тиийэ сылдьан, табаһыттар олохторун ыкса билсибит.  Фактория  хас да эбийиэктээх: гараас, ыскылаат, кыра гостиница, автономнай уот ыстаансыйата, таас чоҕунан үлэлиир хочуолунай, тэпилииссэ.

Фактория бэйэтин кэпэрэтиибин табаһыттарын аһынан-үөлүнэн  уонна туттар тэрилинэн үчүгэйдик хааччыйар.

Кини “Хоту дойду бырааһынньыгар” эмиэ күндү ыалдьыт буолбут. Таба сүүрдүүтүн, национальнай көстүүмнэр куонкурустарын уо.д.а. сэргээбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: