Бүгүҥҥү “Итии чэй” рубрика ыалдьыта урут сырдата илик эйгэбиттэн кэллэ. Сир үүнүүтүнэн, киһи үлэтинэн биллэр диэн олус да сөпкө этэллэр эбит. Туох туһугар үлэлиигин диэн ыйытыыбар хоруй дьоһуннаах буолла. Ол хоруйун ыстатыйа аатыгар ааҕаҕыт. Кини – «Сахатранснефтегаз» аахсыйалаах хампаанньа маастара Иннокентий Гуляев.
– Бэйэҕин кылгастык билиһиннэр эрэ. Идэҥ, үлэҥ сыала-соруга?
– 1986 сыллаахха төрөөбүтүм. Дойдум – Кэбээйи улууһун Арҕас нэһилиэгэ. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет инженернэй-тиэхиньиичэскэй институтун “Теплогазоснабжение и вентиляция» хайысхатын бүтэрбитим.
Билигин «Сахатранснефтегаз» аахсыйалаах хампаанньаҕа тиэхиньиичэскэй көрүү-истии уонна гаас оборудованиетын сулууспатын ыстаарсай маастарабын. Бу иннинэ дойдубар хомунаалынай тэрилтэҕэ газооператорынан үлэлээбитим.
Сүрүн эбээһинэһим – гаас оборудованиеларын өрөмүөнэ уонна гааһы чааһынай дьиэҕэ уонна тэрилтэлэргэ киллэриини хонтуруоллааһын. Хамнаспыт үчүгэй. Үлэм көдьүүһэ диэн – сахам дьонугар тохтоло суох “күөх төлөнү” тиэрдии, биэрии, онтон үөрэбин.
Дьиэ кэргэним – саамай күүстээх өйөбүлүм. Таптыыр кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут. Үлэһит дьон кэмэ кэллэ дии саныыбын. Биир сиргэ олорумуохха наада, чуолаан эр дьон тус олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар булт курдук дьаныардаахтык сонордоон эккирэтиһэр чопчу сыаллаах-соруктаах буолуохтаах. Дьиҥ эгилитэ-бугулута суох, ыппыт ох курдук көнө, судургу уонна кытаанах буоллахха, биирдэ ылсыбытыҥ ыпсар, туппутуҥ табыллар диэн көрөбүн.
СЫЫППАРАЛАР
Сыл аайы бүтэһиктээх туһанааччыларга
1700 мөл. м3 гааһы тиэрдэр.
115 000 дьиэ кэргэн гааһынан
хааччыллан олорор
– Тоҕо бу идэни талбыккыный?
– Аҕам, Алексей Михайлович Гуляев, эмиэ газовик этэ. Ол иһин, оҕо эрдэхпиттэн бу эйгэҕэ чугас этим. Кини үлэлиирин көрөн улааппытым. Куруутун тэҥҥэ сылдьыһарым. Онон бу идэни таларга кини сабыдыаллаабыта. Аҕам суох буолбута уонтан тахса сыл буолла. Ол да буоллар, кини үтүө холобура миигин туохха барытыгар сирдиир.
– Ханнык баҕарар үлэҕэ ыксаллаах түгэннэр, балаһыанньалар хайаан да буолаллар. Эн да онно хабааннаах түгэннэргэ түбэстэҕиҥ буолуо.
– Арааһа, хайа баҕарар үлэһиккэ ыксаллаах быһыылар буолаллара буолуо. Ол гаас үлэһиттэрин тумнан ааспат. Оннукка биһиги өрүүтүн бэлэм да буолуохтаахпыт. Бу үлэлиирим тухары кыра моһоллор ханна барыахтарай. Холобур, бу сыл Саҥа дьыл кэнниттэн тохсунньу тоһуттар тымныытыгар Дьокуускай куорат аттыгар “Сатал” микро-оройуоҥҥа уот баран ыксаллаах түгэн үөскээбитэ. Онно тустаах исписэлиистэр түүннэри-күнүстэри 900-тэн тахса гаастаах чааһынай дьиэни бэрэбиэркэлээбиппит, хочуолларын көрөн-истэн үлэлэппиппит. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта. Биһиги үлэбит үрдүк эппиэтинэһи, сэрэҕи ирдиир. Гааһы кытта үлэҕэ сыыһа-халты туттуу киһи доруобуйатыгар охсуулаах буолар.
– Үлэни баһылыырга кэлэктиип улахан оруоллааҕа биллэр. Бары бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөсүһэргит, биир дьиэ кэргэн курдуккут буолуо.
– Туох диэн санааҕа кэллим. Үлэлээн-хамнаан дьон махталын, бииргэ үлэлиир дьонуҥ убаастабылын ылан, киһи салгыы үлэлииргэ кынаттанар эбит. «Сахатранснефтегаз» – 2200-тэн тахса үрдүк квалификациялаах үлэһиттээх түмсүүлээх үлэ кэлэктиибэ диэн этиэххэ наада. Хампаанньабыт үлэһиттэрин орто сааһа – 39.
Тэрилтэ тиэхиньиичэскэй идэ имиджэ сайдарыгар улахан кылаатын киллэрсэр. Хампаанньаҕа олохтоох каадырдар үлэлииллэр диэн этэн аһарыахпын баҕарабын. «Саха ыччатын – бырамыысыланнаска» бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиир.
– Үлэлиир хампаанньаҥ хас нэһилиэккэ уонна сылга төһө кээмэйдээх “күөх төлөнү” тиэрдэрий?
– Тэрилтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 нэһилиэнньэлээх пуунун айылҕа гааһынан хааччыйар. Сыл аайы туһанааччыларга 1700 мөл. м3 гааһы тиэрдэр. 115 000 дьиэ кэргэн гааһынан хааччыллан олорор.
«Сахатранснефтегаз» АХ өрөспүүбүлүкэ биир саамай спортивнай кэлэктииптэриттэн биирдэстэрэ буолабыт. Биһиги сыллата өрөспүүбүлүкэ үгүс күрэхтэһиилэригэр кыттабыт уонна бириистээх миэстэлэри ылабыт. СӨ кэлэктииптэрин үһүс спартакиадатыгар “Нефтегазстройпрофсоюз” хамаандабыт иккис миэстэни ылбыта.
– Түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан кэпсэппиккэр, улахан махтал.
Киһини үлэ киһи оҥорор, киһиэхэ олорорун туһугар быйаҥы эрэ биэрбэт, өссө киһи өйө-санаата сайдарыгар олук буолар. Оһох оттуллар аналлаах: оттуллубатаҕына – тымныйар, кынаттаах көтөр аналлаах: көппөтөҕүнэ – сорсуйар. Ол курдук, эмиэ киһи бу орто дойдуга бэйэтин кэскилин түстээри, олох бары кэрэтин билээри, үлэлээри, айаары-тутаары төрөөтөҕө эбээт.
Бүгүҥҥү дьоруойбутун үлэ киһитэ диэн ааттыахпытын сөп. Үлэ диэн улуу күүс. Инннокентий курдук үлэһит дьон Сахабыт сиригэр бааллар бөҕө буоллахтара. Дойдубут сайдарын туһугар бары балысханнык, хас биирдиибит сүрэҕэ сытар, кыайар-хотор үлэтигэр үлэлээтин. Сайдыы туһугар – иннибит диэки!
Эльдар Садовников
Хаартыскалар Иннокентий Гуляев тус архыыбыттан.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…