Иннокентий Кочкин: “Тириэньэр дьоло — оҕолор ситиһиилэригэр”

Share

Бүгүҥҥү “Итии чэй” рубрика ыалдьыта — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, ССРС успуордун маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастара, РФ физическэй култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, тустууга успуорт маастара Иннокентий Семенович Кочкин. Иннокентий Семенович күн бүгүнүгэр диэри Дьокуускай куорат Валерий Керемясов аатынан оҕо успуордун 3 №-дээх оскуолатыгар тириэньэринэн үлэлиир, оҕолору тустууга уһуйар.

Төрөөбүт дойдум — Таатта

— Иннокентий Семенович, төрөөбүт дойдуҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһунан ахтан ааһыаҥ дуо?

— Хас биирдии саха киһитэ төрөөбүт-үөскээбит сирдээх-уоттаах, дьонноох-сэргэлээх буолар. Мин Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 1948 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр төрөөбүтүм. Аҕам Ленин уордьаннаах, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Уолбаҕа үөрэхтээһини тэрийсибит Семен Мефодьевич Кочкин диэн кырдьаҕас учуутал этэ. Кини Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээҕэ. Ийэм Феврония Егоровна дьиэ хаһаайката, сахалыы өйдөөх-санаалаах этэ. Ийэлээх аҕам миигин сааһыран баран төрөппүттэрэ. Мин бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, аҕам олохтон барбыта. Ол кэнниттэн ийэбит барахсан соҕотох хаалан баран биһигини сахалыы сиэринэн иитэн-такайан, киһи-хара оҥорон таһаартаабыта. Оскуоланы бүтэрэн баран холкуоска үлэлээбитим. Онтон 1967 cыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Икки сыл сулууспалаан баран дойдубар эргиллэн кэлэн салгыы Петр Алексеев аатынан сопхуоска пиэрмэҕэ от киллэрээччинэн, сылаас ойбону оттооччунан, сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээччинэн үлэлээбитим. Үс хотону хааччыйан, Карбаканов Василий Куприянович диэн бэйэм үөлээннээхпин кытта үлэлээбиппит. Олус сүрэхтээх киһи этэ.

1970 сыллаахха Казахстаҥҥа Алма-Ата куоракка физкултуурунай үөрэххэ киирбитим. Онно тиийэн кэлин олимпийскай призер буолбут Александр Иванову, Уус Алдантан Анатолий Аманатовы уонна Тааттаттан Валерий Винокуровы кытта бииргэ туттарсан үөрэххэ киирбиппит. Үөрэхпин 1974 сыллаахха бүтэрбитим уонна Уус Тааттаҕа кэлэн Петр Алексеев холкуоска Владимир Андросовтыын успуорт инструкторынан үлэлээбиппит. Манна сопхуос спартакиадаларын нэһилиэктэринэн ыытарбыт уонна тустууга дьарыктыырбыт. Ол кэннэ миигин казахтар төттөрү ыҥыран ылбыттара, сыл аҥаара Казахстаҥҥа тиийэн үлэлээн кэлбитим. Эһиилигэр ыал буолан Дьокуускайга көһөн кэлэн “Спартак” уопсастыбаҕа үлэҕэ киирбитим уонна успуорт уопсастыбалар ыһыллыахтарыгар диэри үлэлээбитим. 2000 сыллаахха диэри Үөрэх, Успуорт министиэристибэлэрин иһинэн араас тэрилтэлэргэ тириэньэрдээбитим. 1998 сыллаахха 3 №-дээх успуорт оскуола тэриллибитэ. Онон 2000 сыллаахха манна үлэлии кэлбитим. Онтон ыла күн бүгүнүгэр бу эйгэҕэ үлэлиибин.

Оҕо ситиһиитэ — тириэньэр дьоло

— Иннокентий Семенович, үлэлээбитиҥ ырааппыт. Элбэх көлүөнэ тустуук ыччаты, оҕолору иитэн таһаардаҕыҥ. Тириэньэр идэтэ төһө махталлаах үлэний?

— Бэйэм баҕаран киирбит үлэм буолар. Олохпор баҕарбыт баҕам туолан, күн аайы үлэбэр үөрэ-көтө кэлэбин. Тустуон, успуордунан дьарыктаныан баҕалаах оҕолору үөрэтэ, сайыннара кэлэрбиттэн дьоллонобун. Оҕолор күннэтэ дьарыктанан үчүгэйдик тустар буолалларын көрөн санаам көтөҕүллэр. Кинилэри тустууга уһуйуох, тустуу албастарыгар үөрэтиэх баҕам өссө күүһүрэр. Элбэх оҕону дьарыктаан кэллим. Бэйэтэ тустууга сыһыаннаах оҕо диэн эмиэ туспа буолар. Оннук оҕолору кытта үлэлиир, кинилэри дьарыктыыр олус үчүгэй буолар. Маннык оҕолортон киһи астынар, үлэҥ түмүгэ да көстөр. Сорохтор санаа күүһүнэн, сүрэх баҕатынан эмиэ сылдьаллар.

— Билигин чуолаан хас саастаах оҕолору дьарыктыыгын? Оскуолаҕытыгар уопсайа хас оҕо дьарыктанарый?

— Билигин оскуолабытыгар, уопсайа, 600‑чэ оҕо дьарыктанар. 3‑с №-дээх успуорт оскуолабыт дириэктэрэ Василий Уйгуров. Мин быйылгыттан ыла биир бөлөҕү дьарыктыыбын. Саҥа кэлбит, быһата эттэххэ, улаатыахтарыгар диэри тустан көрбөтөх оҕолору дьарыктыыбын. Ахсыс кылааска диэри тустууга сылдьыбатах оҕолор кытта кэлэллэр. Олорго тустуу уопсай өйдөбүлүн биэрэбин. Манна тоҕустаах, аҕыстаах да оҕолор баар буолаллар. Бары биир бөлөххө сылдьаллар, ол гынан баран, туһуннарарга бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта арааран дьарыктыыбын. Биһиэхэ бастакы кылаастан эмиэ кэлэллэр. Кыра дьон тустууну улаханнык өйдөөбөт буолаллар. Онон, уопсай хамсаныылары үөрэтэргэ үлэлэһэбин. Оттон тустуунан дьарыктамматах улахан уолаттарга хапсаҕай судургу приемнарын көрдөрөн үөрэтэбин. Ордук күүс өттүнэн дьарыктыы сатыыбын. Гиирэнэн, гантелинэн үлэлииллэрин сөбүлүүллэр.

Оҕону уһуйуу

— Иннокентий Семенович, өр сылларга тириэньэринэн үлэлээбит киһи кэтээн көрдөххүнэ, 90‑c, 2000 сыллардааҕы уонна билиҥҥи оҕолор кыахтара араастаһар дуо? Төһө бэлэмнээх, кыахтаах оҕолор кэлэллэрий.

— Барыта тус-туспа буолар. Мин бастаан 60‑c сыллар оҕолорун дьарыктаабытым. Ол оҕолор күүс-уох өттүнэн быдан сайдыылаах этилэрэ. Ол кэннэ сыыйа 70‑c 80‑с сыллар оҕолоро кэлбиттэрэ. Биһиги урут 17‑c кыбартаалга успуорт саалалаах этибит. Оччолорго нуучча оҕолоро хото дьарыктаналлара. 27‑c, 29‑с, 28‑с №-дээх интэринээт оскуола, 24‑c оскуола оҕолоро кэлэн дьарыктаналлара. Эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, кыахтаах оҕолор кэлэн сылдьыбыттара. Мин инники дьарыктаабыт оҕолорбуттан элбэх успуорт маастардара үүнэн тахсыбыттара. Ол саҕана Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастардара буоллаҕа. Нуучча уолаттарыттан Володя Солопов, Григорий Шишков, Олег Радавичус, Олег Корнилов о. д.а. диэн оҕолор Арассыыйаҕа тиийэ тустан бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрэ. Кэлин тустуу маастардара буолбуттара. Ханнык баҕарар кэмҥэ кыахтаах оҕолор баар буолаллар. Ол эрээри аныгы оҕолор тустарынан физкултуура учууталларын эҥин кытта кэпсэттэххэ, онно урукку курдук «козел», «конь» курдук тэриллэри ыстаныы эҥин бобуллан, бэйэтин кыанар да оҕо ахсаана аҕыйаабытын бэлиэтииллэр. Билигин саҥа кэлээччи оҕолорбутугар перекладинаҕа тардынар да оҕо суох. Ыйанан турдахтарына да баһыыба курдук буолааччы. Итиннэ билиҥҥи аһылыкпыт, гаджет үйэтэ да дьайар быһыылаах. Онон билиҥҥи оҕолорго кыанар оҕо ахсааннаах. Сатаан хойуостубат да оҕолор бааллар. Олору үөрэтэҕин. Сатаан хойуостубат оҕо сүнньүн да өлөрүөн сөп. Сорох оҕо бэйэтэ кыахтаах буолар. Оннук оҕону кытта үлэлэһэр хаһан баҕарар чэпчэки бөҕө буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ саха дьоно куоракка көһөн киириитэ үксээн, саха оҕолоро дьарыкка кэлэллэрэ элбэх. Ити ордук 90‑c сыллар бүтүүлэригэр баар көстүү этэ. Куорат оҕолоро кэлин олус сахатыйдылар. Сорох оҕо сайын дэриэбинэҕэ тахсан үлэлиир-хамсыыр. Маннык оҕолор бэйэлэрин кыаналлар, күүстээх-уохтаах буолаллар. Дьиҥ куоракка сайылыыр, үлэҕэ миккиллибэтэх оҕо эт-хаан сайдыытынан мөлтөх буолар.

Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигинниин
Оҕо аһылыга, сынньалаҥа

— Аһылык, оҕоҕо үлэ дьайыытын туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

— Тэҥнээн көрдөххө, урут атыылаһыы ас-үөл аҕыйах буоллаҕа. Ол оннугар сибиэһэй эт, балык, үүт аһылык дэлэй буолан, оччотооҕу оҕолор эттэрэ-сииннэрэ чэгиэн буоллаҕа. Билигин туох састааптааҕа биллибэт кэмпиэт, бирээнньик, чипсы, гаастаах утахтар, ол-бу бургердар, доширактар барыта доруобуйаҕа улахан охсуулаахтар дии саныыбын. Маннык аһылыгы аһыыр оҕо, биллэн турар, мөлтүүр. Төһөнөн дьиҥ төрүт аһын аһыыр, соччонон эт-сиин өттүнэн быдан сэниэлээх буолар. Билигин оннооҕор сарсыардаттан сылайан дьарыкка кэлээччилэр. Сүүрүөн-көтүөн, мэниктиэн баҕарар оҕо аҕыйаан иһэр. Сытыахтарын-олоруохтарын эрэ баҕарааччылар да бааллар.

— Төрөппүттэрэ күһэйэн аҕалбыт оҕолоро да бааллара буолуо…

— Оннуктар бааллар. Билиҥҥи оҕоҕо төлөпүөн дьайыыта олус алдьатыылаах буолла. Хомойуох иһин, кыра саастарыттан уойан да хаалбыттар бааллар. Төрөппүттэрэ күһэйэн аҕалаллар. Онон дьарыкпыт физкултуура уруогун эрэ курдук буолан хаалар. Киһи туһуннарыан да дьулайар. Дьарык бүттэ даҕаны таҥнар сирдэригэр сүүрэн тиийэн төлөпүөҥҥэ оонньуу олорор буолаллар. Маннык оҕолору кытта үлэлэһэр уустук. Төрөппүттэрэ күһэйэн кэлбиттэр тустууну сэҥээрбэттэр. Биһиги кинилэри, биллэн турар, үүрбэппит. Кыахпыт баарынан дьарыктыы, тустууга уһуйа сатыыбыт. Бу оҕолор быыстарыгар баҕалаахтар эмиэ бааллар, олор син биир тугу эрэ ситиһэллэр.

Оҕолорбутун сахалыы иитиэхпитин наада. Төлөпүөҥҥэ, интэриниэккэ олорорун төрөппүт хааччахтыан наада. Өй-санаа өттүнэн чөл буоларыгар оскуола, дьарык таһынан, дьиэ иһинээҕи эйгэ, иитии улахан суолталааҕын умнумаҥ. Төрүт дойдубутун умнумуохха наада. Чиэһинэй, үлэһит гына иитэргэ сүбэлиэм этэ. Дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах оҕолору иитэн
таһааралларыгар баҕарыам этэ.

— Тустууга оҕо хас сааһыттан дьарыктанара ордугуй?

— Билигин олус үчүгэй уһуйааннар бааллар. Манна оҕолор кыра саастарыттан сүүрэн-көтөн дьарыктаналлар. Төрөппүттэр эмиэ улахан оруоллаахтар. Кыра сааһыттан сүүрдэн, судургу да дьарыктары оҥорторон көмөлөһөллөр. Маннык оҕолор үөрэтиини түргэнник ылыналлар. Оннук оҕону толлубакка элбэхтик туһуннараҕын, оннукка түргэнник сайдар. Ону таһынан, төрөппүттэр аһылыгар, сынньалаҥар болҕомто ууруохтарын наада. Элбэхтэ салгыҥҥа сырытыннаран, бэйэ аһылыгын аһатан диэм этэ.

Киэн туттар оҕолорум

— Бу үлэлээбит сылларгар үгүс оҕону дьарыктаан киэҥ аартыкка угуйдаҕыҥ. Эн суолгун батыһан тириэньэрдии сылдьар, успуорт маастара буолбут оҕолоргуттан кимнээҕи бэлиэтиэҥ этэй?

— Манна биһиги оскуолабытыгар кыра оҕо эрдэхтэриттэн дьарыктаммыт оҕолортон билигин тириэньэрдии сылдьар Степан Семенович Соркомов, Вячеслав Александрович Кривошапкин буолаллар. Степан Дьокуускай 2 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан дьарыктанар этэ. Биир да дьарыгы көтүппэккэ эрчиллэр этилэрэ. Бу кэмҥэ дьарыктаммыт уолаттар сылдьалларын тухары кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ наар тустуу тула буолара. Аатырбыт олимпийскай чөмпүйүөннэрбит, призердарбыт тустарынан ыйыталаһар, кинигэлэри ааҕар этилэр. Макар Зырянов, Ян Емельянов курдук билигин биллиилээх урбаанньыттар бары биһиэхэ дьарыктаммыттара. Саамай улахан ситиһиилээх уолбут Айаал Лазарев буолар. Вячеслав Кривошапкин диэн уолбут биһиэхэ кыра эрдэҕиттэн дьарыктаммыта. Кини Арассыыйаҕа хаста даҕаны миэстэлэспитэ. Кэлин Олимпийскай училищены бүтэрбитэ уонна тириньэринэн биһиэхэ үлэлээн баран быйылгы үөрэх дьылыттан оскуолабытыгар дириэктэри үөрэх салаатыгар солбуйааччы буолла. Бэйэбит дьарыктаан уһуйбут оҕолорбут улаатан тэҥҥэ үлэлии сылдьаллара тириэньэр дьоло дии саныыбын. Ол аата, биһиги үлэбитин салгыыр дьонноохпут диэн эрэллээхпит.

— Оҕолору дьарыктыырыҥ таһынан бэйэҥ эмиэ дьарыктанаҕын.

— Тириэньэр пуорматын тута сылдьыахтаах. Эдэр сааспыттан хайдах дьарыктаммытым да билигин да оннук дьарыктанабын. Билигин арай көбүөргэ эрэ тустубаппын, ол эрээри эт-сиин өттүнэн син биир чөл буоларга дьулуһабын. 2003, 2014 сыллардаахха аан дойдуга тустууга бэтэрээннэргэ чөмпүйүөннээбитим. Үс төгүл иккис миэстэ, икки төгүл үһүс буолбутум.

— Атын дойду тириэньэрдэрин, тустууктарын кытта сибээстэһэҕит?

— Мин Дагестан Хасавюрт куоратыгар 80‑c сылларыттан оҕолору дьарыктыы илдьээччибин. Хасавюртка тустууну тэрийбит Джамалдинов Алихан диэн тириэньэр, тэрийээччи баара. Кини бэйэтэ “Спартак” уопсастыба иһинэн туспа баазалаах, успуорт саалалаах этэ. Хасавюрт куоракка кини тэрийбит успуорт оскуолалаах, ону билигин уолаттара салайан үлэлэтэллэр. Кини Магомед Гусейнов, Маирбек Юсупов, Исак Ирбайханов курдук кини суолун солуур күүстээх тустууктары, тириэньэрдэри иитэн таһаарбыта. Билигин даҕаны биһиги оҕолорбут онно тиийэн дьарыктаналлар. Онно Дьокуускайтан эрэ буолбакка, бүтүн Сахабыт сирин оҕолоро дьарыктана тиийэллэр.

Тутуһар санаам

— Биһиги, сахалар, айылҕаҕа, аал уоппутугар уонна күҥҥэ сүгүрүйэбит. Ону таһынан, төрүттэрбитин умнубаппыт. Сахабынан киэн туттабын. Дьарыктыыр оҕолорбун эмиэ оннук үөрэтэ сатыыбын. Билигин үгүс саха оҕото төрөөбүт тылынан саҥарбат. Итинтэн наһаа хомойобун. Урут сахалыы уһуйаан, оскуола суох буолан бэйэм уолаттарым эмиэ нууччалыы саҥараллар этэ. Оҕолорбутун Таатта Уолбатыгар сахалыы тылга-өскө үөрэтээри ыытарбыт. Онуоха олохтоохтор, хата оҕолорбут эһиги оҕоҕут көмөтүнэн нууччалыы саҥара үөрэннилэр диэбиттэрэ баара. Ол да буоллар, кэргэмминиин дьаныһан туран оҕолорбутун сахалыы саҥарарга үөрэппиппит.

Оҕолорбутун сахалыы иитиэхпитин наада. Төлөпүөҥҥэ, интэриниэккэ олорорун төрөппүт хааччахтыан наада. Өй-санаа өттүнэн чөл буоларыгар оскуола, дьарык таһынан, дьиэ иһинээҕи эйгэ, иитии улахан суолталааҕын умнумаҥ. Төрүт дойдубутун умнумуохха наада. Чиэһинэй, үлэһит гына иитэргэ сүбэлиэм этэ. Дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах оҕолору иитэн таһааралларыгар баҕарыам этэ.

Хаартыскалар Иннокентий Кочкин тус архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэксийэниэр Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыты барытын мунньар

Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

626 киһи квотанан үлэ булла

Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…

6 часов ago
  • Сонуннар

Быйаҥныыр сиригэр бөрөлөр билиннилэр

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Тэтим» араадьыйа «Алиса» колонкаҕа үлэлээтэ

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйитээҕи балыыһа кэлэктиибэ 5 дьааһык бэрэски буһаран ыытта

Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…

6 часов ago
  • Сонуннар

Владимир Путин “Земскэй тириэньэр” бырагырааматын киллэрэргэ сорудахтаата

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…

6 часов ago